ХОТУГУ ФОРУМ ДЬОН ОЛОҔУН ТАҺЫМЫН ӨРӨ ТАРДЫЫГА ТУҺУЛАНАР
Арктика территорияларын сайдыытыгар ананар Хотугу форум мунньаҕа Дьокуускайга балаҕан ыйын 27-30 күннэригэр ыытыллаары турар. Быйыл хамсык дьаҥынан сибээстээн форум онлайн-эрэсииминэн буолара быһаарыллыбыт. Сүрүн тэрийээччилэринэн “Северный Форум” хотугу эрэгийиэннэр аан дойдутааҕы тэрилтэлэрэ, СР Правительствота, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ буолаллар. Быйылгы форум сүрүн тиэмэтэ – «Трансфортная инфраструктура на Севере и в Арктике». Тэрээһиҥҥэ 272 учуонай уонна 10-тан тахса араас дойдуттан Канадаттан, АХШ-ттан, Финляндияттан, Норвегияттан, Швецияттан, Данияттан, Исландияттан, Кытайтан, Японияттан, Кэриэйэттэн уо.д.а. дойдулартан эспиэрдэр кытталлара былааннанар.
Форумҥа сүрүн тиэмэни сэргэ, «Глобальное партнерство Арктики и Азии в интересах устойчивого развития Севера», «Человек в Арктике», «Управление арктическими территориями» блоктарынан киэҥ кэпсэтиилэр ыытыллыахтара. Бу чэрчитинэн төгүрүк остуолларга хоту дойду олохтоохторун олохторун таһыма тупсарыгар, таһаҕаһы, аһы-үөлү, сүрүн бородуукталары, уматыгы, тутуу матырыйаалын таһыыга-тиэйиигэ, тиэрдиигэ үлэ тэрээһинигэр саҥа хайысхалары, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит үгэс буолбут салаалары сайыннарыыга баар кыһалҕалары ырытыахтара, төрүт тыллар сүппэтигэр ыытыллар үлэлэргэ тохтуохтара, хоту сиргэ олорор дьахталлар олохторугар-дьаһахтарыгар инники кэскиллээх бырайыактары дьүүллэһиэхтэрэ. Аныгы кэм ыччатыгар туспа былаһаакка тэриллиэҕэ.
Бу улахан тэрээһиҥҥэ Дьокуускайтан СР Долганнарын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Елена Поликарповна Тимофеева, Ольга Федоровна Терешкина кыттаары бэлэмнэнэллэр. Биир үөрүүлээх түгэнинэн киэн туттар биир дойдулаахпыт, Анаабыр Үрүҥ Хайатыттан төрүттээх СР норуодунай худуоһунньуга Юрий Васильевич Спиридонов персональнай быыстапкатын онлайн форматынан Ем.Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы Хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын музейыгар астына көрүөхпүт.
Сүрүн тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ Хотугу Форум толорооччу дириэктэрин солбуйааччытын эбээһинэһин толорооччу Дарьяна Максимова тэрээһиҥҥэ хайдах бэлэмнэнэ сылдьалларын билиһиннэрдэ:
– Хоту дойду олохторун уйгутун тупсарар, сайдыытыгар оҥкул уурар улахан тэрээһиммит Саха республикатын судаарыстыбаннаһын күнүгэр саҕаланара, бэйэтэ туспа үөрүүлээх түгэн. Бастакы Хотугу форум Дьокуускайга былырыын эмиэ балаҕан ыйыгар буолбута. Бырагыраама чэрчитинэн 51 араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Билигин маныаха эппиэтинэспитин өйдөөн тэтимнээхтик бэлэмнэнэ сылдьабыт. Барыта онлайн форматынан барыаҕа, былаһааккаларга кэпсэтиилэр, төгүрүк остуоллар, быыстапкалар биһиги бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэрбит тэрийиэхтэрэ. Холобур, Ил Түмэн, Аан дойдутааҕы дьыалаларга Арассыыйатааҕы Сэбиэт, Кореятааҕы муора института о.д.а. Үс күннээх форуммут түмүгүнэн уопсай резолюция ылыныахтара. Онлайн форматынан Zoom платформаҕа барыаҕа. Араас омуктар бэрэстэбиитэллэрэ баалларынан, тылбаасчыттар тута тылбаастаан иһиэхтэрэ. Биһиги форуммут Норвегияҕа, Исландияҕа, Санкт-Петербурга ыытыллар аан дойдутааҕы таһымнаах барарыгар эрэллээхпит. Быйылгы дьаҥынан сибээстээн хоту дойдулар интэриэстэрин туруорсар киэҥ тэрээһиннэр араас омук уонна биһиги Арассыыйабыт дойдуларыгар даҕаны ыытыллыбатахтарын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Маны Дьокуускайга Хотугу форум чэрчитинэн омук бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах кэтэхтэн ыытарга быһаарбыттара. Хоту дойду инники сайдыыта экспертэри, биирдиилээн да кыахтаах дьону, хампаанньалары олус интэриэһиргэтэр. Онон, биһиги Сахабыт сиригэр бу тэрийэр дьаһалбытыгар Арктиканы сайыннарыыга дьоһуннаах кэпсэтиилэри, кыһалҕалары ырытаммыт, билиҥҥи олоххо чиҥник туолар сиэрдээх бырайыактары дьүүллэһэргэ бэлэммит.
ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна культура институтын культурология кафедратын доцена, «Илин» сурунаал уус-уран эрэдээктэрэ Лена Сидорова «Хоту сирэ туруктаахтык сайдарыгар Арктика уонна Азия бииргэ үлэлэһиилэрэ» диэн салааҕа ыытар секциятын туһунан маннык кэпсээтэ:
– Биһиги университеппыт өттүттэн филологическай факультет сурунаалыстыкаҕа хаапыдырата уонна Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна культура институтын культурологията төгүрүк остуолу тэрийэн ыытабыт. Суолтата диэн – төрүт норуоттар иһитиннэрэр-биллэрэр тэрилтэлэрин (СМИ) үлэлэрин билиҥҥи туругун туһунан дьүүллэһии, кэпсэтии буолара былааннанар. Биллэрин курдук, СМИ хотугу норуоттар тылларын туруктаах буоларын уонна тыл сабыдыаллыыр эйгэтэ кэҥииригэр быһаччы дьайаллар. Биһиги секциябыт аата «Төрүт норуоттар медиалара» диэн. Секцияҕа Япония Хоккайдо университетын медиа уонна коммуникация факультетыттан профессордара уонаа аспираннара кыттыахтара. Кинилэр Япония төрүт норуоттарын – айнылары үөрэтэ сылдьаллар. Биһиги японецтары кытта үлэлээбиппит биир эрэ сыл буолла, сүрүн сорукпут кинилэр, эдэр аспираннар уонна эдэр учуонайдар билсиһэн, кэпсэтэн, бииргэ үлэлииллэрин ситиһии буолар. Мин Анаабырга аан бастакы сырыым номнуо икки сыл буола оҕуста. Анаабыр кэрэ сир уонна эйэҕэс дьонноох-сэргэлээх диэн үтүө өйдөбүллээхпин. Промышленнай сайдыы дьон олоҕор дьайара көстөр, ол эмиэ араастаах. Мин санаабар, Анаабырга элбэх кыһалҕалаах боппуруос сөпкө быһаарыллар. Промышленноһы уонна табаны иитиини тэҥҥэ дьүөрэлээн сайыннараллар. Айылҕаны уонна Анаабыр өрүс ыраас туругун харыстаан сөптөөх үлэни тэрийэ сатыыллара хайҕаллаах. Анаабыр өрүс олохтоохтору аһынан-үөлүнэн хааччыйар бу дойду хорук тымыра буолар. Сааскылаахха уонна Үрүн Хайаҕа оскуолалары олус сэргии көрбүтүм. Бу мин санаабар, олус сөптөөх дьаһаныы – оскуола Анаабыр инники кэскилин ыччаты бэлэмниир кыһа эрэ буолбакка тылы, култуураны харыстыырга тирэх буолар. Ол эбэтэр кинилэр инникитин улуустарын хаһыатын истиҥ ааҕааччылара буолаллар.
Форуму көрсө Арктика дьыалаларыгар уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Христофорова Голомарева санаатын истиэҕиҥ:
– Хотугу форум быйыл ураты быыһык кэмҥэ барыахтаах. Дойду таһымыгар Арктика зонатын сайыннарыыга туһуламмыт улахан хамсааһыннар саҕаланнылар. Ол курдук, биир суолталаах түгэнинэн «2035 сылга диэри Хоту Арктика эргимтэтин сайдыытын Стратегиятын концепцията» улахан судаарыстыбаннай докумуон ылыллыыта. Ил Дархан Айсен Николаев бу Ыйаахха атырдьах ыйын 14 күнүгэр Өлөөн национальнай улууһугар бара сылдьан илии баттаабыта. Бу улахан суолталаах докумуон Арктиканы сайыннарыыга төрдүттэн улахан хамсааһыны таһаарыа дии саныыбын. Биһиги Арктика аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоохторун сайдыытын судаарыстыбаннай программатын оҥорууга үлэлэстибит. Бу икки докумуоннар Арктика инники сайдыытыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕун таһымын үрдэтиигэ үктэлинэн буолуохтаахтар.
Арктика улуустарыгар кадрынан хааччыллыы курдук сытыы кыһалҕаны быһаарыыга эдэр үлэһиттэри тардарга, олохсутарга анаан «Арктика учуутала», «Эдэр табаһыт» о.д.а. кэскиллээх бырайыактар үлэлээн эрэллэр. Маны таһынан, доруобуйа харыстабылын хайысхатынан «Земский доктор», «Земский фельдшер» хоту үлэлии барар исписэлиистэргэ көрүллэр субсидия кээмэйэ икки төгүл үрдээтэ. Билиҥҥи күҥҥэ хотугу норуоттары өйүүр политика хаттаан сөргүтүллүүтэ Хоту Арктика эргимтэтин сайыннарыыга инники өттүгэр улахан оруолу оонньуоҕа дии саныыбын. Биһиги бу хайысханан хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттары тус сыаллаах үөрэттэриини сөргүтүүгэ сокуон бырайыагын оҥорон үлэлэһэбит. Онон турбут соруктар чопчулар, чуолкайдар. Манна улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара, дьокутааттар, нэһилиэнньэ бары биир сыал-сорук туруоран олорон хаалбакка тэҥҥэ олорсон сайдыы стратегиятын бары хайысхаларынан киирсэн истэхпитинэ эрэ, республика инники сайдыытыгар олук ууруохпут.
Быйылгы Хотугу форум иһинэн биһиги хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллээх уорганнарын Ассамблеятын уочараттаах мунньаҕын (ВКС нөҥүө) тэрийэн ыытыахпыт. Манна сүрүн тиэмэбит «Арктика: дьон олоҕун таһымын үрдэтии уонна төрүт дьарыгы сайыннарыы саҥа хайысхалара». Хайдах гынан Арктика эргимтэтигэр олорор дьон олоҕун таһымын үрдэтэбит? Суол-иис, олох-дьаһах сайдыытыгар, дьиэ-уот тутуутугар, таһаҕаһы тиэйиигэ, дьон олоҕун таһымын тупсарыыга ханнык саҥа технологиялар, социальнай бырайыактар үлэлиэхтэрин сөбүй? Хоту Арктика эргимтэтигэр төрүт дьарык салаатыгар бүгүҥҥү уустук усулуобуйаҕа үлэлиир дьоҥҥо, кыра уонна орто урбаан сайдыытыгар уонна атаҕар туруутугар ханнык хайысханан көмө, чэпчэтии оҥоһуллуон сөбүй? Бу барыта Хоту Арктика эргимтэтигэр олорор дьону ордук долгутар кыһалҕалар буолаллар. Биллэн турар, промышленноһы сайыннарбакка эрэ Арктиканы өрө тарпаккын. Манна бөдөҥ хампаанньалар, чааһынай бизнес, судаарыстыба быраап, сокуон өттүнэн сааһыланан, хардарыта көдьүүстээх социальнай сөбүлэҥнэри түһэрсэн үлэлииллэрин бириэмэ ирдиир. Урукку өттүгэр судаарыстыба бөдөҥ тэрилтэлэри Хоту сиргэ инфраструктураны, суолу-ииһи оҥорууга эбээһинэстиир эбит буоллаҕына, билигин чааһынай тэрилтэлэри, бөдөҥ бизнеһы правовой, нормативнай өттүнэн хардарыта үлэлэһиигэ сокуон оҥоһуллан үлэлиэн наада. Маннык хабааннаах кэпсэтиилэр Хотугу форум иһинэн көтөҕүллүөхтэрэ дии саныыбын. Арктика олохтоохторо сир уонна баай-дуол нолуоктарыттан Ил Дархан Айсен Сергеевич быһаарыытынан босхолонон тураллар. Онтон улахан бырамыысыланнай тэрилтэ улуус сиригэр-уотугар үлэлиирдии тэринэр буоллаҕына, улуус дьаһалтатын, олохтоох нэһилиэнньэ мунньаҕын истиилэрин ыытан, ол мунньах быһаарыыларынан, сөбүлэҥ дуогабар түһэрсиэхтээх. Этнологическай эспэртиисэни ааһан, бэйэтин сыалын-соругун кытта билиһиннэриэхтээх. Олохтоохтору кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, тэҥҥэ олорон, сайдыы суолун тобулуохтаах, олохтоох ыччат үөрэххэ, үлэҕэ киирэригэр, инфраструктура сайдыытыгар көхтөөх, саҥа хайысхалары көрдүөхтээх. Оччотугар социальнай утарыта туруулар суох буолуохтара, Арктика сайдыытыгар, дьон олоҕун таһымын өрө тардыыга, олоҕун уйгутун тупсарыыга хардарыта көдьүүстээх үлэ барыаҕа. Маннык хардарыта көдьүүстээхтик үлэлэтии үтүө холобурдара биһиэхэ бааллар. Ити биһиги сүрүн сорукпут буолар.
Гуннара БАЙГИЛЬДИНА