Хоту дьон этиитин, саҥатын истиҥ
Маннык этиилээх (Ил Тумэн) СӨ Судаарыстыбаннай муннһаҕын депутата, Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар уонна Арктика дьыалатыгар комитетын бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева Ассамблея мунньаҕар Москва куоракка буолбут Норуоттар икки ардыланааҕы Хоту Дойду форумугар тыл эттэ.
Елена Христофоровна этиитигэр Аан дойду Хоту дойдуга туһулаан интэриэс күүһүрбүтүнэн сибээстээн сир баайын хостооһунугар уонна харыстааһыныгар Саха сирэ ыарахаттары уонна түбүктэри көрсөрүн тоһоҕолоото. Уонна бу былдьаһык кэмҥэ олохтоох хотугу дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарар наадалааҕын ыйда.
Хотугу киһи, булчут кыстаабыт сирин уларытарыгар куурбут маһы, туус, испиискэ, ас, чэй хаалларар идэлээх, бу философия тымныы дойдуга атын дьону санаан, итинэн кини дьоҥҥо көмөлөһөр диэн эттэ. Бу философия, үтүө санаа дьоҥҥо-сэргэҕэ үйэлэргэ хаалбыт онон бу быһыы-майгы закоҥҥа киириэ этэ диэн этэр.
Бу сыл кулун тутар 5 күнүгэр дойду президенэ «Арктикаҕа 2030 сылга диэри төрүт государственнай политика» диэн докумуоҥҥа илии баттаабыта. Манна бастакы национальнай интэриэс ыйыллыбыт. Ол курдук Арктика зонатыгар айылҕа харыстабыла уонна төрүт олохтоохтор норуот олохторун туруга көмүскэллээх буолаллара туһаайыллыбыта. Манна улахан түбэлтэ 13 арктическэй оройуон Россия Арктическэй зонатыгар киирбиттэрэ буолар. Онон бу оройуоннарга государственнай көмө уонна чэпчэтии көрүллэр буолла. Билигин бу оройуоннар олохторо- дьаһахтара 2020 сылга дылы сайдыытыгар государственнай программа үлэлиир. Билигин итинник докумуоннар бигэргэтиллэриллэригэр үлэ бара турар. Ол курдук «Стратегия развития Арктической зоны РФ и обеспечение национальной безопасности до 2035 года». Бу докумеҥҥа Саха сирэ атын Арктическэй регионнары уонна наука общественнаһын кытта бэйэлэрин этиилэрин киллэрбиттэрэ. Сана государственнай программаҕа быһаччы хардыылары, үбүлээһин (инвестиция) уонна үлэ миэстэтин арыйыыга туһуламмыт. Манна «Арктика оҕолоро» механизма бу программа иһинэн киирэр. Бу программаҕа 15 аҕыйах ахсааннаах норуот үөрэнэр аныгылыы серия, күс ыал оҕолоругар көмө, сайыҥҥы оҕо лааҕырын тэрийиигэ субсидирование, оҕо сайыҥҥы курортка, оҕо лааҕырдарыгар сынньаныыта көрүллэр.
Билигин төрүт олохтоох дьоҥҥо сиргэ уонна балыктааһыҥҥа көҥүл көрүллэрэ быһаарылла туруо. Ол курдук Елена Голомарева аҕыйах ахсааннаах дьону учуоттуур туһунан республика парламеныгар уларытыылар көрүллүбүттэрин ону ГосДума өйөөбүтүн биллэрдэ. Бу норуот омуга бигэргэниитэ кинилэргэ социальнай уонна экономическэй бырааптарыгар көмүскэллээх буолуо диэтэ. Бу норуоттарга чэпчэтиилэр уонна айылҕаҕа, сиргэ-ууга көҥүллээх буолуохтар.
Итиннэ эбии саҥа «О государственной поддержке предпринимательской деятельности в Арктической зоне РФ» диэн федеральнай сокуон олоххо киирдэ. Бу сокуоун проегын көрүүгэ Саха сирин депутаттара бастакыннан үлэлээбиттэрэ, диэтэ Елена Христофоровна. Саха сирин парламена элбэх этии уонна уларытыы кииллэрбитэ. Үөрүүлээҕэ диэн бу этиилэр үксүлэрэ сокуон проегын ааспыттара. Биһиги өйдөөбөт, сөбө суох этиилэр диэбиттэрбит сотуллубуттара. Инньэ гынан республика интэриэһэ көмүскэннэ, управляющей компаниялартан 51% акция республикаҕа эбэтэр некоммерческэй тэрилтэҕэ көрүллэр уонна республика бэйэтэ учредитель буолар. Общественнэй Совет статьятыгар киирдэ — аҕыйах ахсааннаах норуот компаниялар үлэлэригэр кыттыһар, олору хонтуруоллуур буоллаҕына, кинилэр көмүскэллээх буолуохтара.
Республика туруорсуутунан сокуоҥҥа урбаанньык Арктикаҕа резидент буоларыгар капитальнай угуута көҕүрүүр, ол эбэтэр налога аччыыр уонна чэпчэтиитэ элбиир. Бастакы быһаарыы 10 мөл. буоллаҕына билигин 1 мөл. дылы кыччаата. Сайаапканы көрүүгэ Саха сирин Правительствотыттан киһи кыттыыны ылыахтаах диэн быһаарыллыбыт. Аҕыйах ахсааннаах норуот төрүт дьарыгын боппуруоһун көрүүгэ кинилэр этиилэрэ быһаарыыга кииллэрэри дойду Правительствотын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка дойду президенын полномочиелаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев сөбүлэстэ. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар арктическэй зонаҕа бэйэлэрэ туспа эбэтэр резидени кытта учредитель буолуохтарын сөп. Аны төрүт дьарыктарын программата бигэргэтиллиэхтээх диэтэ Елена Голомарева. Манна төрүт дьарык промышленнай уонна технологическэй инфраструктурата, омук сирдэригэр табаардара тахсыыта, бу эйгэҕэ кадрдары бэлэмнээһин, кинилэр сирдэригэр энергетиканы модернизациялааһын ыытыллыа. Арктика зонатыгар резиденнэр эппиэтинэс стандартын тутуһалара сокуонна суруллуохтаах уонна тутуһуллуохтаах диэн быһаарда. «Биһиги Арктикаҕа олоробут, таба иитэбит, былыктыыбыт, бултуубут, бу сиргэ биһиги оҕолорбут олороллор. Билигин промышленнай хампаанньалар өйдөөтүлэр, кинилэр Хоту дойдуну арыйааччы буолбатахтарын, быраабы эрэ кэспэт туһугар буолбакка экологияны, хотугу норуот быһыытын-майгытын өйдөөн-ылынан, традициятын уонна обычайын кэспэккэ үлэлиэхтээхтээхэр» — диэн эттэ спикер. Ол курдук тыл этиитигэр экологическэй экспертиза боппуруоһун, ирбэт тоҥу харыстааһын, мамонт муоһун хомуйуу сокуонунан бөҕөргөтүллэрин эттэ. Хоту дьоҥҥо таба иитиитэ бородууксуйа уонна таҥас-сап буоларын, табаны аһынан хааччыйарга кини мэччирэҥ сирэ улахан оруоллаах. Ол иһин федеральнай сокуоҥҥа «оленьи пасбища» диэн өйдөбүл баар буолуохтаах уонна табаһыттар ол сири «таба мэччирэҥин» босхо ылыахтаахтар диэн быһаарда. Уопсайынан төрүт дьарыгы уонна төрүт хаһаайыстыбаны тэринэргэ тыаны туһаныы хотугу норуоттарга туспа быһаарыллыахтаах, диир кини. Ити боппуруостар инники өттүгэр өссө да көрүллэллэрэ наадалааҕынан ааҕар. Билигин барыбыт көмөбүтүнэн Хоту аҕыйах ахсаанннаах норуоттар реестрдара, ол эбэтэр омуктарын бигэргэтии, буолаары турар. «Бу үлэ саҕаламмыта ыраатта, билигин бу механизм туох да мэһэйэ суох буолуохтаах.»
Аҕыйах ахсааннаах норуот үөрэҕириитин эйгэтигэр улахан проблемалар — тоҕоостоох уонна хаачыстыбалаах үөрэх. Ол курдук аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын үөрэтии, тыл учууталларын хамнаһын үрдэтии, үөрэххэ киириигэ целевой миэстэлэри көрүү уо.д.а
Хоту сиргэ аҕыйах ахсааннаах норуоттар истэриттэн специалистэри бэлэмнээһин биир улахан сорук буоларын Саха сирин Ил Дархана өйүүрүн туоһулаан Табаһыттар күннэрин олохтообута. Ол курдук Арктиканы сайыннарыыга уонна хотугу норуоттар дьыалаларын министерствота «Эдэр табаһыт» диэн саҥа проегы кииллэрдэ. Манна эдэр табаһыкка олорор дьиэтин туттарыгар 1 мөл. көрүллэр. Эдэр учууталларга көмө «Учитель Арктики» диэн проект эмиэ үлэлиир. Доруобуйа эйгэтигэр Арктическай модель оҥоһуллар, саҥа инновационнай цифровой технология, медицинскэй кадрдарынан хааччыйыы, араас профилактическэй үлэлэр ыытыллаллар. «Биһиги этиибит – Арктика медицинатын атын принцибинэн үбүлээһин, медицинскэй страхование көмөтүнэн, сибээстэригэр субсидирование көрүллэрин эбэтэр льготнай тарибынан түргэн хаачыстыбалаах фельшерскэй пуннар федеральнай «Цифровая экономика РФ» программатынан үлэлииллэригэр. «Об основах охраны здоровья граждан РФ» сокуоҥҥа киирэн биэрэн, онтон олоҕуран ыраах сытар бөһүөлэктэр ФАПтарыгар түүннэри көрүллэр койкалар киирэллэригэр. Уонна мобильнай аптечнай пуннарынан ноҥүө эминэн хааччыллалларын туруорсуохпут.
Бу Ассамблея араас муннуктан кэлбит дьон этиитин-санаатын истэргэ улахан туһалаах. Киһи туһугар, Арктика дьонун олоҕун тупсарыы. «Киһи уонна Арктика» диэн Арктика сайдыытыгар туһаламмыт политика социально-ориентированнай буолуохтаах.
Маннык санаалаах, политикаҕаа биһиги депутаппыт Аан дойду кыттыылаах норуоттар Ассамлеяларыгар тыл эттэ. Бу дьыала олоххо киириитэ биһиги олохпут эйгэтэ тупсарыгар туһааннаах.
Лидия Атласова,
«Эдиген» ААН уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ,
оройуоннааҕы Суглан депутата