Хотугу Анаабырга күн таҕыста
Уһун икки ыйдаах хотугу полярнай түүннэр кэннилэриттэн Анаабыр улууһун Сааскылааҕар тохсунньу 25 күнүгэр сардаҥаларынан оонньоон күүтүүлээх күн тахсыбыта. Бу бэлиэ күҥҥэ таһырдьа 57 кыраадыс тымныы буолан, күн тахсан, халлаан оройо аһыллан, силлиэлээх тымныы түспүтэ. Хоту дойду төрүт олохтоохторо эбэҥкилэр, долгааннар, хотугу сахалар бу күнү инникигэ эрэллэрин үтүө бэлиэтэ буоларын биллэрэн, бүгүн, бээтинсэҕэ, тохсунньу 29 күнүгэр уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр. Биллиилээх мелодист Афанасий Андросов «Күн тахсыыта» ырыата үөрүү кыымнарын сүрэхтэригэр сахта.
Эбэҥки норуотун чаҕылхай кыыһа, култуура үлэһитэ Мария Анисимовна Попова үөрүүтүн үллэһиннэ:
– Халлааммыт 46 кыраадыс уораана хата туруору тымныы буолан абыраата! Ааспыт сыллар силлиэлээх тыалларыгар үөрэнэн, бу сырыыга улахан тыала суох буолан дьоммут-сэргэбит тоҕуоруһа мустан дуоһуйа үөрдэ-көттө. Үгэс быһыытынан мустубут дьон эбэҥки норуотун сиэринэн Чычыпкаан араҥаһын аннынан ааһан, баҕа санааларын ботугураан, лыҥкынас чуораан охсон атыллаан тахсаннар, багульник сэппэрээк талаҕынан дайбаттаран, ыраастанан ааһаннар күн тэлгэһэтигэр киирдилэр. Ол кэннэ өбүгэ саҕаттан кэлбит үтүө үгэһи тутуһан үрдүк Айыылартан көрдөһөн Аал Уот иччитигэр, аламай сырдык Күнү алы гынан арыылаах алаадьынан күндүлээтилэр.
Эбэҥкилии, нууччалыы, сахалыы тылларынан саҥа күнү эҕэрдэлээн ыытааччылар чоргуйдулар. Ол кэннэ бар дьоҥҥо эйэҕэс эҕэрдэтин анаан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Иосиф Владимирович Васильев истиҥ санаатын тиэртэ. Саҥа тахсыбыт күммүт номнуо ойон эрэр буолан чаҕылыйа сырдаабыта киһи эрэ сүргэтин көтөҕөр. Ол да иһин бары киэргэнэн-симэнэн мустубучча-үөрбүччэ төгүрүччү үмүөрүһэн хоту олохтоохтор эргиир үҥкүүлэрин оройуттан тутаммыт ыллаан-туойан, ойон-тэбэн ис-иһитэн кутуйан халлаан да тымныытын билиммэтилэр. Чычыпкаан кэннэ сылаас алаадьынан, сыалаах тоҥ балыгынан күндүлэнэн күн тэлгэһэтигэр киирдилэр.
Ити курдук өбүгэ саҕаттан кэлбит үтүө үгэспитин эппитигэр-хааммытыгар иҥэ сылдьарын хайдахтаах да быыһык кэмнэргэ сүтэрбэппит. Ахтан аастахха, 2007 сыллаахха култуураҕа үлэлии сылдьан, айар бырайыагым быһыытынан урукку сиэри-туому сөргүтэн аан бастаан тэрийбитим. Былыргы өбүгэлэрбит барахсаттар туундараҕа көһө сылдьан олорбуттара, тохсунньу бүтэһик күннэригэр ахтылҕаннаах күннэрин эмиэ маннык уруйдуу көрсөллөрө. Онно туундараҕа көнө сири буланнар күрэйи анньаллара, ол күрэй тула төгүрүччү эргийэллэрэ. Аал уоттарын оттон күҥҥэ, сир иччилэригэр сүгүрүйэн алаадьынан уонна ача сыатынан (таба иһин сыатынан) аһаталлара. Сокуоҥҥа суруллубатах Киһи Айылҕалыын ыкса сибээһин үрүҥ көмүс утаҕа көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ туруохтун!
Гуннара Байгильдина
Подробнее: https://ulus.media/2021/01/29/hotugu-anaabyrga-k-n-ta-ysta/