Любовь Потапова. хотугу норуоттар суруктарын-бичиктэрин харайааччы

Любовь Потапова. хотугу норуоттар суруктарын-бичиктэрин харайааччы

Бэс ыйын 4 күнүгэр Саха национальнай библиотекатын тэрийиитинэн Любовь Николаевна Потапова төрөөбүтэ 70 сылыгар аналлаах тэрээһин ZOOM нөҥүө барда. Төһө да интернет нөҥүө ыытылыннар,  ыраахтан да олорон, өр кэмҥэ бииргэ үлэлээбит коллегабыт, дьүөгэбит,  доҕорбут, тапталлаах дьиэ-кэргэн ийэтэ Любовь Николаевна биһиги кэккэбититтэн 2014 сыллаахха атырдьах ыйын 19 күнүгэр үлэлии туран, охтон, соһуччу биһиги кэккэбититтэн туораабыта. Тыннааҕа буоллар 70 сааһын бэлиэтиэ этибит диэн ахтан, санаан, кини туһунан кэпсэттибит. Ахтыы тэрээһини Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар Ассоциа-циятын вице-президенэ Вячеслав Иванович Шадрин иилээн-саҕалаан, кэпсэтиигэ кыттар дьону сэргэхтик билиһиннэрэн, бииртэн биир, саҥаттан саҥа иһитиннэриилэр арыллан истилэр.
Любовь Николаевнаны кытта өр сылларга бииргэ үлэлээбит коллегата, библиотека систематын ветерана Галина Софроновна Карадчина кини олоҕун, үлэтин-хамнаһын сиһилии кэпсээтэ. 
Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар Аҕам саастахтарын сүбэтин  бэрэссэдээтэлэ Августа Дмитриевна Марфусалова  Любовь Николаевна үлэтэ-хамнаһа хотугу норуоттар историяларын, культураларын сайдыытыгар, төрөөбүт тылларын сөргүтүүгэ туһуламмытын бэлиэтээтэ. 
Юкагир омук аатыттан В.С.Акимова Любовь Нико-лаевнаны» родоначальница библиографии Севера» диэн ааттыыр оруннааҕын эттэ. Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттартан тахсыбыт эбээн, эбэҥки, юкагир, чукча, долган  суруйааччыларын, поэттарын үлэлэрин, ааттарын үйэтитэргэ бары кыаҕын, билиитин анаабыта диэтэ.
Эбэҥки поэта Д.Н.Апросимов улахан уола Александр Дмитриевич аҕатын аатын үйэтитэргэ Любовь Николаевна үгүс көмөтүн туһунан аҕынна.
Ол курдук кэрэхсэбиллээхтик Любовь Николаевна туһунан Виктория Валентиновна Шумилова, Полина Афансаьевна Дьячковская, Наталья Дмитриевна Сметанина, Галина Федосьевна Леверьева, Нина Николаевна Непомнящих, Александра Гаврильевна Куличкина, Сардана Васильевна Алексеева истиҥ ахтыыларын оҥордулар.
Бу онлай тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьоннор билигин даҕаны Любовь Николаевнаҕа махтаналларын, кинини кытта алтыспыт, бииргэ үлэлээбит кэмнэрин олус үчүгэйдик саныылларын биллэрдилэр.

 

 

Любовь Николаевна Потапова баара буоллар бэс ыйын 2 күнүгэр 70 сааһын туолбут буолуох этэ…
Кини бу үбүлүөйүн кэлбит ыалдьыттарын бырааһынньыктарын курдук тэрийиэ, үөрүө -көтүө этэ, барыбытыгар махтал-баһыыба бөҕөтүн биллэриэ,  барыбытын хайгыа аҕай этэ…
Кини оннук киһи этэ…

Барыта этэ диэн этиллэрэ, суруллара хараастыылаах соҕус буолан баран, кинини билэр дьоннор олохторугар Любаны көрсүбүттэрин, билсибиттэрин, алтыспыттарын ончу умнубаттар.
1995 сылтан Уус-Майаттан төрүттээх  поэт таайбыт Дмитрий Нестерович Апросимовка аналлаах ахтыы киэһэлэри төрөөбүт күнүгэр даҕатан сыл ахсын тэрийэн, кинини билэр саҥа дьоннуун билсиһэн, таайбыт туһунан саҥаттан саҥа, сонунтан сонун арыйыылары билэн-көрөн барбыппыт. Хас да сылы быһа Национальнай библиотекабытыгар ахтыы киэһэлэрин ыыталаабыппыт. Онно тирэх, көмө киһибитинэн Любовь Николаевна буолара. Поэт туһунан кэрэхсэбиллээх кинигэлэр быыстапкаларын оҥороро уонна уопсай тэрээһиҥҥэ көмөлөһөрө.
Биэстии-алталыы чаастаах түмсүү ыкса киэһэ хойутуу бүтэрэ. Ону үлэ чааһа бүттэ, тарҕаһыҥ диэбэккэ, өссө тэптэрэн «ыксаабакка өссө кэпсэтэн иһиҥ» диир буолара. Бу бэйэтин кэмигэр улаханнык биллибэтэх,  ааттамматах поэты ахтыһа элбэх биллиилээх суруйааччылар, поэттар, худуоһунньуктар, артыыстар, учуонайдар, Уус-Майа, Үөһээ Бүлүү олохтоохторо кэлэн кытталларын олус сөҕөрө, астынара, Апросимов уолаттарын куруутун хайгыыра. Бу көрсүһүүлэри тэрийиигэ биллиилээх поэт Семён Титович Руфов уонна эбэҥки тылын чинчийээччитэ Анна Николаевна Мыреева буолалларын мэлдьи бэлиэтиирэ, «эһигини улахан дьоннор араҥаччылыыллар» диирэ.
Люба барахсан үөрүнньэҥэ бэйэтин киэнэ. Бэйэтин да үөрүүтүн, ситиһиитин мэлдьи кэпсээн, онтон тэҥҥэ үөрдэххинэ, «биһиги библиотекалар» диэн наһаа астынара.

 

 

Биирдэ мин үлэбэр, социальнай көмүскэл Управлениетыгар кэлэ сылдьыбыттаах. «Олус да ыарахан үлэлээх, элбэх да киһи кыһалҕатын быһаарар тэрилтэ эбиккит. Онно холоотоххо мин библиотекам диэн олох сырдык, ыраас, билии храма эбит» диэн икки тэрилтэҕэ сыана быспыта.  Уонна «Александра, Эн миэстэҥ манна эбит, мин миэстэм библиотекабар эбит» диэн иккиэн сөптөөх сирбитигэр үлэлии сылдьарбытын бигэргэтэн барбыта.

Мин 1979 сыллаахха историко-филологическай факультекка үөрэнэ сылдьан, «Сыккыс» ыанньыксыттар этэрээттэрин тэрийэн, Нам оройуонун Көбөкөн нэһилиэгэр сайылаабыппытын истэн баран, Любовь Николаевна кэргэнэ Николай Больницкай Көбөкөнтөн төрүттээҕин эппитэ. Онтон ыла биһиги биир Көбөкөттөр буолбуппут. Коля дойдутугар тахса сылдьан, Сыккыстары, миигин өйдүүллэрин, саныылларын кэпсээн үөрдүбүтэ. Уоппускабыт сөп түбэстэҕинэ, Коля сололонноҕуна, Көбөкөҥҥө «тааҕы таах илдьиэх» буолара. Наһаа аһаҕас, олус сэргэх, саҥаттан саҥаны көрдүүрүн, булбутун, командировкаҕа ханна сылдьыбытын, олохтоохтор хайдах олороллорун, библиотека ситимэ хотугу оройуоннарга хайдах сайдан иһэрин кэпсиирэ, хоту дойду дьоно-сэргэтэ тулуурун сөҕөрө, хаһан да бүппэт кыһалҕаларын, түбүктэрин хараастан этэрэ.

Национальнай библиотека хотугу секторын салайааччытынан үлэлиир буолан, элбэх сиргэ-дойдуга сылдьыбыт буолан, дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын тэҥнээн көрөрө, үлэтигэр саҥаттан саҥа билиини, уопуту ылынан, туһанара, тугу эмэ саҕалаата даҕаны тиһэҕэр тириэрдэн тохтуур майгылааҕа. Хотугу норуоттар тыллара сайдарыгар, баар тылбыт сүппэтигэр, төрөөбүт тылбытын билбэттэргэ анаан «Книгакан» электроннай кинигэ арыллыбытын убайым Валентин Гаврильевич Исаков үбүлүөйүгэр олус үөрэн туран иһитиннэрбитин өйдүүбүн. Ситинник кини хотугу дьоҥҥо сыһыаннаах солуну иһитиннэрэ,  биллэрэ сылдьар үгэстээҕэ.
Любовь Николаевна кыыһын Айталинаны кытта үлэм хайысхатынан биир кэмҥэ эмиэ алтыһан турардаахпын. Социальнай льготаннан туһанар дьоннорго анкета толорторуутун кини үлэлиир тэрилтэтэ оҥотторбута. Онно бэриллибит сорудаҕы кэмигэр толорбуппут. Айталина тустаах үлэтигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһара кини анкетаны толорууну, туох сыаллаах-соруктаах оҥоһулларын чопчу быһаарарыттан да биллэрэ. Төрөппүттэрин үлэҕэ сыһыаннарыттан кыыстара элбэххэ үөрэммитэ саарбаҕа суох.
Мин Любовь Николаевнаны мэлдьи үөрэ-көтө, лаһыгыраччы күлэ сылдьар сырдык киһи курдук өйдөөн хаалбытым өйбөр, сүрэхпэр мэлдьи баар буолуон баҕарабын. Биһиги Эйигин өйдүүрбүт, саныырбыт тухары Эн тыыннааххын, куруутун биһигини кытта бааргын, Люба…

 

СӨ нэһилиэнньэтин социальнай көмүскэлин Үтүөлээх үлэһитэ 
Александра Куличкина

Виртуальная клавиатура

  • Һ
  • һ
  • Ө
  • ө
  • ҕ
  • Ү
  • ү
  • Ҥ
  • ҥ
  • Ӫ
  • ӫ
  • w
  • ӧ
  • Ӄ
  • ӄ
  • Ԓ
  • ԓ
  • Ӈ
  • ӈ
  • ʼ