Зашиверскай куорат

Зашиверскай куорат

Зашиверскай – XVII үйэҕэ Индигир өрүс уҥа биэрэгэр нуучча хаһаахтара туппут куораттара. 1639 с. П.Иванов этэрээтэ манна Дьааҥынан кэлэн кыстыыр сир туппута. Устунан кыстыыр сир улахан нэһилиэнньэлээх пууҥҥа кубулуйбута.

Зашиверскайга 500-чэ киһи олорбута диэн сурукка киирбит. Билиҥҥинэн кыра дэриэбинэ, оттон 17-18-ыс үйэлэргэ хотугулуу-илиҥҥи Сибиир биир бөдөҥ куоратынан биллэрэ. Манна ратуша, ас, килиэп маҕаһыыннара, аһыыр-сиир дьиэ, хаайыы, почта, таҥара дьиэтэ, суут, казначейство, туус стойката, о.д.а. бааллара. Куоракка үксүн нууччалар, сахалар олороллоро, эвеннэр, юкагирдар кэлэ-бара сылдьаллара.

Сыл аайы Зашиверскайга атыы-эргиэн дьаарбаҥката далааһыннаахтык ыытыллара. Манна ыраахтан-чугастан атыыһыттар, олохтоох саха, эвен, юкагир дьонноро атыылаһа, эргинэ кэлэллэрэ. Дьаарбаҥка «культурнай программалааҕа» – киэһэтигэр үҥкүү-битии тэриллэрэ. Куорат олохтоохторо дьаарбаҥканы сылы быһа кэтэһэллэрэ – элбэх киһи кэлэрэ, сонун, кэпсээн элбиирэ, кэргэн кэпсэтии да буолара, о.д.а.

Былыргы номохторгэ кэпсэнэринэн, биирдэ ситинник дьаарбаҥкаҕа икки эдэр нуучча атыыһыттара сундуук аҕалбыттар. Онуоха кырдьаҕас эвен ойуун оҕонньоро сундуугу киһи көрбөт сиригэр илдьэн кистииллэригэр эппит. Ону эдэр дьон истибэккэ сундуугу арыйбыттар, онно баар таҥаһы хостообуттар… Аҕыйах хонугунан Зашиверскай үрдүнэн хара уоспа эпидемията турбута – устунан куорат имири эстибитэ…

Зашиверскай куорат XIX үйэ саҥатыгар диэри баар буола сылдьыбыта. Манна араас сылларга нуучча айанньыттара С. Дежнев, М. Стадухин, Г. Сарычев, Ф. Врангель, о.д.а. сылдьан, хонон-өрөөн ааспыттара. Зашиверскай таҥаратын дьиэтин академик А. Окладников XX үйэ 1971 сылыгар Новосибирскай куоракка көһөртөрбүтэ.

Зашиверскай бүтэһик олохтооҕо Е.Ф. Слепцова Муомаҕа билиҥҥи Чыбааҕылаах нэһилиэгэр Төгүрүөн диэн сиргэ олохсуйбута биллэр.

2000 с. Муома оройуонун дьаһалтатын өйөбүлүнэн Зашиверскайга часовня тутуллубута. Онтон 2019 с. Зашиверскай куорат 380 сылыгар эмиэ оройуоммут дьаһалтата өйөөн, куоракка киирэр башня-боруота тутуллубута, ити сыл оройуоҥҥа куорат үбүлүөйэ киэҥник бэлиэтэммитэ.

 

Т. Слепцова

Подробнее: https://ulus.media/article/27182

Виртуальная клавиатура

  • Һ
  • һ
  • Ө
  • ө
  • ҕ
  • Ү
  • ү
  • Ҥ
  • ҥ
  • Ӫ
  • ӫ
  • w
  • ӧ
  • Ӄ
  • ӄ
  • Ԓ
  • ԓ
  • Ӈ
  • ӈ
  • ʼ