Эбээн Бытантай улууһугар Саккырыыр Кустуур икки ардыгар кыһыҥҥы суол арылынна
Эбээн Бытантай улууһугар алтынньы 27 күнүттэн Саккырыыр Кустуур нэһилиэктэрин икки ардыгар кыһыҥҥы суолу арыйдылар.
«Быйылгы дьылга суол тоҥуута мөлтөх. Ол да буоллар, Саккырыыр — Кустуур суола этэҥҥэ арылынна. Үрэхтэр муустара өссө да тура иликтэр. Ол иһин, Кустуур суолунан суоппардар сэрэнэн сылдьыҥ диэн этиэм этэ. Үрэхтэрэ муус туруор диэри кыра уйуктаах массыыналар айаннара эрэ көҥүллэнэр.
Суолу ыраастааһыҥҥа маҥнай алтынньы 20 күнүгэр икки бульдозердар баран иһэн сир ситэри тоҥо илик буолан төннөн кэлбиттэрэ. Бульдозердар иккиэн 20-лии туонна ыйааһыннаах буолан батары түһэ сылдьаллар этэ. Ити кэннэ алтынньы 26 күнүгэр үлэһиттэр Урал массыынанан волокуша (тыраахтар гусеницата) состоруулаах суолу арыйан кэллилэр.
Быйыл халлаан сылаас буолан, эппитим курдук, онтон сылтаан сири кытта үрэх мууһа үчүгэйдик тура илик буолан улахан техника сылдьарыгар ыараханнардаах.
Дьарҕаалаах өттүн ыраастыы барыахпытын Улахан-Саккырыыр үрэҕэ сатаан туораппат, ол иһин бу ыйга үлэлэр барбаттар. Кэлэр ыйтан үрэх туоратар буоллаҕына хаары ыраастыы уонна суол арыйа барыахпыт», — диэн «Арктика суоллара» тэрилтэ Эбээн Бытантайдааҕы учаастагын суол маастара Егор Рожин сырдатта.
«Бытантай уоттара» хаһыат
Подробнее: https://ulus.media/article/29116