Мытаах кийиитэ бэйэтин омугун дьиҥ олоҕун испэктээк нөҥүө толору биэрдэ

Мытаах кийиитэ бэйэтин омугун дьиҥ олоҕун испэктээк нөҥүө толору биэрдэ

Кэлин дьаҥ туруоҕуттан киһи түптээн кэнсиэргэ, киинэҕэ да сылдьара кэмчи буолла. Эгэ испэктээк туһунан этиэн дуо. Арай, кэлиҥҥи кэмҥэ куйаар куод көмөтүнэн син дьон онно-манна сылдьар кыахтанна.

 

Дьиикимдэ сынньалаҥ кулуубугар бэртээхэй «Үҥкүү тааһа» диэн испэктээк туруоруллан, олохтоохтор дьүүллэригэр көрдөрүлүннэ. Испэктээҕи мытаахтар кийииттэрэ, Эбээн Бытантайтан төрүттээх Изабелла Максимова туруорда. Саҥа тутуллубут кулуупка эбээн норуотун олоҕун-дьаһаҕын, култууратын кэпсиир быыстапка туруоруллубута, көрө кэлбит дьону олус сэҥээртэ. Быыстапканы Эбээн Бытантай култууратын киинин методиһа Рада Малышева сиһилии кэпсээтэ. Кэлээччилэргэ эбээн норуотун төрүт аһын чубуку этин, дьарҕаа балыгы, таба быарын амсаттылар.

 

Саала уота умулунна. Быыс аһылынна. Эбээн норуотун былыргы номоҕуттан ылыллыбыт испэктээк саҕаланна. Сыанаҕа дьиҥ сарыыттан тигиллибит таҥастаах тоҥус оҕонньоро сиэнинээн олороллоро көстөр. Оҕонньор сиэнэ уолга хоту дойду олоҕун-дьаһаҕын, айылҕатын кэрэтин кэпсиир. Сиэн уолу оонньуур Миша Колтовскай оруолун олус итэҕэтиилээхтик толорор. Салгыы сэттэ кыыс хайаҕа олорор өмүрэх эмээхсини куттаары хайаттан сууллар трагедиялара көһүннэ. Эмээхсин оруолун толорбут Варвара Тимофеева иэдээн тахсыбытыттан айманан ытыыра-соҥуура, айманара, уолун иэстэһэр дьонтон куоттаран күрэтэрин көрөн ис искиттэн долгуйаҕын, ыгылыйаҕын. Уол оруолун Яромир Николаев эмиэ олус итэҕэтиилээхтик толордо. Сырдык быыс нөҥүө күлүктэр көмөлөрүнэн толоруллубут кыргыһыы сонун, ураты көстүүлээх буолла. Испэктээк бүтүүтэ уол оруолун толорбут Яромир Николаев: «Мантан ыла өһөрүү, өлөрсүү, этиһии-охсуһуу тохтоотун. Бэйэ-бэйэҕэ эйэлээх буолуоҕуҥ!», — диэн монологар эппитэ, бу билиҥҥи олоххо олус да суолталаахха дылы.

 


Испэктээк бүтэн, быыс сабыллыбытын кэннэ өргө диэри ытыс тыаһа тохтообокко иһилиннэ. Испэктээк оформлениета, оонньооччулар кэтэр таҥастара дьиҥ тигиилээҕэ, оруоллары толоруу итэҕэтиилээҕэ, испэктээк, чахчы ис сүрэхтэн туруоруллубутун туоһулуур. Мытаах кийиитэ Изабелла Максимова бэйэтин омугун дьиҥ олоҕун кыһалҕатын, ону тэҥэ кэрэ, хатыламмат олоҕун испэктээк нөҥүө толору биэрдэ диэххэ сөп. Маннык туруоруулар олоҕу, бэйэ бэйэҕэ сыһыаны сыаналыырга, ытыктыырга үөрэтэллэр. Ол туоһута, аттыбар олорор мэник саастарыгар сылдьар оҕолор биир тыынынан туруорууну көрбүттэрэ да буолар.

Василий Тимофеев, «Yлэ күүһэ» хаhыат

Подробнее: https://ulus.media/article/30978

Виртуальная клавиатура

  • Һ
  • һ
  • Ө
  • ө
  • ҕ
  • Ү
  • ү
  • Ҥ
  • ҥ
  • Ӫ
  • ӫ
  • w
  • ӧ
  • Ӄ
  • ӄ
  • Ԓ
  • ԓ
  • Ӈ
  • ӈ
  • ʼ