Эбээн Бытантайтан төрүттээх кыысчаан мэтириэтэ Европа Сэбиэтин ыстаап-кыбартыыратын киэргэтиэҕэ

Эбээн Бытантайтан төрүттээх кыысчаан мэтириэтэ Европа Сэбиэтин ыстаап-кыбартыыратын киэргэтиэҕэ

Бу күннэргэ куйаар ситимин биир гына Эбээн Бытантай улууһун эбээннии таҥастаах кыракый кыысчаанын кэрэчээн мэтириэтэ тэлэһийдэ.

Саха сириттэн төрүттээх биллиилээх фотограф Александр Химушин «Мир в лицах» фотосериятын биир ураты хартыыната Страсбурга (Франция) Европа Сэбиэтин ыстаап-кыбартыыратын киэргэтиэ диэн суруллар.

Айанньыт уонна фотограф Александр Химушин саамай биллэр фотобырайыага Хоту сир төрүт олохтоохторугар ананар. Кини бу мэтириэт туһунан Фейсбукка маннык суруйар: «Горжусь тем, что портрет маленькой девочки из коренных жителей с моей родины – Саха, самого холодного региона мира, отныне будет выставлен на постоянной выставке в главном здании Совета Европы! Надеюсь, что портрет этого ни в чем не повинного ребенка коренных народов, расположенный в ведущей правозащитной организации континента, всегда будет напоминать и защищать права человека всех коренных народов мира!».

«Хайа кыракый кыысчааный?», «Ким оҕотой бу?» «Бу ким тикпит сиэдэрэй таҥаһай?» диэн үгүс ыйытыктар куйаар ситимин олохтоохторун омуна суох аймаатылар. Эппиккэ диэри, отонноотоххо оҥоойук туолар дииллэринии, биһиги араас дьонтон ыйыталаһан-ыйыталаһан, бу кыысчаан биһиги биир дойдулаахтарбыт, удьуор табаһыттар, олохторун тухары тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна Матрена Иннокентьевна уонна оҕо эрдэҕиттэн таба иитиититтэн илиитин араарбатах, орто дойду олоҕуттан туруор диэри ыстаадаҕа үлэлээбит Василий Семенович Слепцовтар сиэннэрэ буоларын биллибит, аата-суола Инесса Сандулина диэн, билигин 4 кылааска Дьокуускай куоракка үөрэнэр.

«Бу хаартыска, Александр Химушин биллэриитинэн, Дьокуускай куоракка «Кружало» балаҕаныгар мустан түһэриллибитэ. Кыракый кыысчаан кэтэн турар көстүүмүн кыра кыыспар анаан табаһыттар бырааһынньыктарыгар 2007-2008 сс. тикпитим. Онно кыра кыыһым подиумҥа аан бастаан хааман дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыта. Көстүүм ойуутун-бичигин кэпсиир буоллахха, саҕата таба муоһун моһуона, сонун иннин ойуута уу сүүрүгэ уонна хайа кэрэ көстүүтэ. Бэргэһэтэ ураһа, кыыс-дьахтар сиэринэн тигиллибит быһыылаах-таһаалаах», — диэн бу сиэдэрэй көстүүмү тикпит уран тарбахтаах биир дойдулаахпыт, үгүс улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах күрэхтэр кыайыылаахтара Антонина Слепцова кэпсээтэ.

Ити курдук, Эбээн Бытантай улууһун дьон-сэргэтэ, ыччата Саха сиригэр эрэ буолбакка, аан дойдуга кытары чочуйуллубут алмаастыы сандааран, ураты кэрэ кэпсээн буолан киэҥ туонаҕа хотугу дорҕоон буолан ыраахха диэри иһиллэллэр.

Сардаана Копырина, «Бытантай уоттара» хаhыат

Подробнее: https://ulus.media/article/31320

Виртуальная клавиатура

  • Һ
  • һ
  • Ө
  • ө
  • ҕ
  • Ү
  • ү
  • Ҥ
  • ҥ
  • Ӫ
  • ӫ
  • w
  • ӧ
  • Ӄ
  • ӄ
  • Ԓ
  • ԓ
  • Ӈ
  • ӈ
  • ʼ