“Баахынай” община ыстаадатыгар тиийэ сырыттылар

“Баахынай” община ыстаадатыгар тиийэ сырыттылар

Ааспыт нэдиэлэ устата Лииндэ нэһилиэгин дьаһалтатын үлэһиттэрэ, общественнай көхтөөх эр дьон мустан баһылык Николай Антонов салалтатынан “Баахынай” община ыстаадатыгар тиийэ сырыттылар.

— Сүрүн сыалбыт – таба ааҕыытыгар көмөлөһүү этэ. Билигин табалар туруктара үчүгэй, сааскы төрүөххэ бэлэмнэнэллэр. Төрүүр тыһы табалары кыылтан-сүөлтэн харыстаан туспа туталлар. Онон ситэтэ суох ааҕыынан 620 төбө баар. Ыстаада үлэһиттэригэр аны сайыны туоруур бородуукталарын, наадалаах табаардарын тиэртибит.

 

Базаларын ситэринэн, табаһыттар бэйэлэрин күүстэринэн дьиэ тутта сылдьаллар, онно көмөлөстүбүт. Таарыйа тутуу матырыйаалын эмиэ илдьибиппит. Быйыл Лииндэ үбүлүөйдээх сылынан, туох үлэ барарын билиһиннэрдибит. Хас биирдии табаһыкка сайыҥҥы кэтиллэр спец көстүүмнэри бэлэх ууннубут. Билигин буурҕалаах күннэр турар буоланнар, айаммытыгар арыый бытаардыбыт, — диэн нэдиэлэ ахсын ыытыллар планерка кэмигэр баһылык Николай Антонов кэпсээтэ.

Еще больше интересных новостей в телеграм-канале Ulusmedia 

 

Акулина Харбаева

Виртуальная клавиатура

  • Һ
  • һ
  • Ө
  • ө
  • ҕ
  • Ү
  • ү
  • Ҥ
  • ҥ
  • Ӫ
  • ӫ
  • w
  • ӧ
  • Ӄ
  • ӄ
  • Ԓ
  • ԓ
  • Ӈ
  • ӈ
  • ʼ