Ньургуһун туһунан хоһооннор

Ньургуһун туһунан хоһооннор

Эһиэхэ, күндү ааҕааччыларбытыгар анаан Саха сиригэр ньургуһун күнүнэн анаан Анастасия Милютина-Мичээрэ. Усуйаана Хаһааччыйа олохтооҕо хоһооннорун бэлэх уунабыт. Ааҕыҥ, кэрэхсээҥ, дуоһуйуҥ.

Ньургуһун

Нуолур күөх илдьитэ буолаҥҥын,

Ньургуһун тоҥ буору тобулан,

Наҕыллык күн диэки тардыһан,

Нуоҕайа хоһууннук тыллаҥҥын.

Ньургун уол кэриэтэ тулууруон,
Намыын кыыс кэриэтэ кэрэтиэн,
Номоххо кэпсэнэр сибэкки,
Ньургуһун чочуонай чэчикпит.

Наскыйан хараҕы үөрдэҕин,
Нарыннык дууһаны долгутан,
Нохтолоох сүрэҕи эппэтэн,
Ньүөлүтэн тапталы санатан.

Наһаа да дьиктигин, күндүгүн,
Номоҕон сибэкким ньургуһун.
Ньургуннук кыайаҕын тоҥу эн,
Наһаа да хорсуҥҥун сөҕөбүн.

 

Ньургуһуннар

Налыы хонуу кырдалыгар,

Нарын, кэрэ сибэккилэр,

Нуоҕалдьыйа хамсааннар,

Ньургуһуннар уүммүттэр.

Номоҕон кыыстыы кэмчиэриһэн,

Намыыннык саһарчы мичиһэн,

Нусхаччы бөлөхтөһөн,

Наскылдьыһан кэрэлэриэн.

Нууралдьыһа хамсаатылар,

Ньүөлүтэ үөрэн сэгэлдьиһэн,

Ньургун уолу долгутаннар,

Нохтолоох сүрэҕин сүүйэннэр.

Намыын-наскыл үҥкүүлэрин,

Нуурал күнү батыһан,

Нуолур күөххэ эргичийэн,

Номох тылын санатан.

Нухарыйбыт ууттан уһуктан,

Ньургуннук тоҥу тобулан,

Нарылаан сири киэргэтэн,

Ньургуһуннар сандааран.

08.05.2022с

 

Анастасия Милютина-Мичээрэ.
Усуйаана Хаһааччыйа

Подробнее: https://xn—-7sbu0an2ezab.xn--p1ai/article/56759

Виртуальная клавиатура

  • Һ
  • һ
  • Ө
  • ө
  • ҕ
  • Ү
  • ү
  • Ҥ
  • ҥ
  • Ӫ
  • ӫ
  • w
  • ӧ
  • Ӄ
  • ӄ
  • Ԓ
  • ԓ
  • Ӈ
  • ӈ
  • ʼ