Оройуоннааҕы бастакы төрүт олохтоох салаалары сайыннарар сирдэри (ТТП) харыстаан хаалларыыга Форум үөрүүлээхтик арылынна
Бу дьыл атырдьах ыйын 19 күнүгэр Өлөөн сэлиэнньэтинээҕи Иванов А.С. аатынан этно-культурнай кииҥҥэ Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонугар аан бастаан ыытыллар оройуоннааҕы төрүт олохтоох салаалары сайыннарар сирдэри (ТТП) харыстаан хаалларыыга аналлаах форум үөрүүлээхтик арылынна.
Бырааһынньыктыы киэргэтиллибит Өлөөн сэлиэнньэтинээҕи А.С.Иванов аатынан этнокультурнай кииҥҥэ тобус толору мустубут оройуон уопсастыбаннаһын бэрэстэбиитэллэрэ Форум бочуоттаах ыалдьыттара эҕэрдэлээн киириилэрин атахтарыгар туран дохсун ытыс тыаһынан көрсөллөр.
Олохтоох төрүт аҕыйах ахсааннаах норуоттары долгутар, кинилэр инники олохторун сайдыыларын быһаарыыга көмөлөһөр, быһаарсар, үтүө санаанан кэлбит ыалдьыттарынан буоллулар: Голомарева Елена Христофоровна — Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай мунньаҕын Ил Түмэн хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын уонна Арктика дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, Христофорова Любовь Викторовна — Саха Өрөспүүбүлүкэтин хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар Ассоциацияларын вице-президенэ, Роббек Константин Васильевич — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар бырааптарын боломуочунайа, Шадрин Вячеслав Иванович — хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар олохторун үөрэтэр институт научнай үлэһитэ, Николаев Прокопий Романович — Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ миниистирин солбуйааччыта, Гоголева Прасковья Алексеевна — Хотугу -Илиҥҥи Федеральнай университет профессора, Иванов Евгений Васильевич — Россия Академиятын Сибиирдээҕи отделениетын Дьокуускайдааҕы биология институтун научнай үлэһитэ, Васильев Максим Эдуардович — «Сахабулт» хампаанньа Генеральнай дириэктэрэ, Попов Анатолий Семенович — Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕа харыстабылыгар уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ, Саввинов Константин Васильевич — «Сир сыһыаннаһыытын Агенствотын ХЭТ бэрэстэбиитэлэ, Степанов Алексей Федотович — Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын Генеральнай дириэктэрин солбуйааччы, Христофоров Валентин Викторович — «Илкэн» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ уонна да атын бочуоттаах ыалдьыттар.
Ону тэҥэ олохтоох төрүт салаалары сайыннарар сирдэри (ТТП) тэрийэн үлэлэтиигэ үлэлэрин уопутун атастаһа ыаллыы Эдьигээн оройуонун Эдьигээн национальнай нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Николаева Владилена Егоровна, Өлүөхүмэ оройуонун Тээнэ национальнай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Николаев Алексей Максимович, Нерюнгри оройуонуттан «Иенгра эбэҥки национальнай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Игнатенко Ольга Георгиевна Форумҥа кыттыыны ыла кэлбиттэрэ Форум үлэтигэр биир бэлиэ түгэнинэн буолла.
Форуму кылгас эҕэрдэ этиинэн Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон дьаһалтатын баһылыга Иванова Лена Степановна арыйар уонна форум үс күннээх үлэтин былаанын билиһиннэрэр.
Форум кыттыылаахтарын быһа сибээһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар Ассоциацияларын Президенэ Кривошапкин Андрей Васильевич ситиһиилээх үлэни баҕаран туран эҕэрдэлээтэ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын Ил Дархан Николаев Айсен Сергеевич, Арктиканы сайыннарыы уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирэ Черноградскай Владимир Николаевич эҕэрдэлэрэ бэрилиннилэр.
Салгыы Форум пленарнай чааһа саҕаланан сүрүн дакылааттары иһитиннэрии барар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Арктика территориятын сайдыытын уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирин солбуйааччы Погодаев М.А. «Актуальные вопросы функционирования территорий традиционного природопользования коренных малочисленных народов Севера Республики Саха (Якутия)», Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай мунньаҕын Ил Түмэн Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар уонна Арктика дьыалаларыгар бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Голомарева Е.Х. «Территории традиционного природопользования — основа развития и стабильности коренных малочисленных народов Республики Саха (Якутия) иһитиннэриилэри оҥордулар.
Видеоконференция форматынан Российскай Федерация Сибиир, Уһук Илин сир Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар Ассоциацияларын Президенэ, Федерация Сэбиэтин сенатора Ледков Г.П. форум кыттыылаахтарыгар эҕэрдэ этиитэ истилиннэ.
Салгыы форум пленарнай чааһыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар бырааптарын уполномоченнайа Роббек К.В. «Территории традиционного природопользования — основа устойчивого развития коренных малочисленных народов Севера», Эригийиэннэр икки ардыларынааҕы аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар союзтарын толоруулаах дириэктэрэ Горбунова А.И. «Региональное нормотворчество и практики создания и функционирования территорий традиционного природопользования» диэн темаҕа, Красноярскай кыраай эвенкийскэйдээҕи аҕа ууһун общиналарын союһун толоруулаах дириэктэрэ Каплин Н.С. «Территории традиционного природопользования в границах эвенкийского муниципального района Красноярского края» диэн темаҕа; Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕа харыстабылыгар уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ Попов А.С. «Вопросы осуществления охоты на территориях традиционного природопользования коренных малочисленных народов Севера Республики Саха (Якутия)» диэн темаҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар Ассоциациятын вице-Президенэ Христофорова Л.В. «Актуальные вопросы природопользования коренных народов» диэн темаҕа дакылааттара истилиннэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар түөлбэлээн олорор сирдэригэр- уоттарыгар олохтоох производство араас көрүҥнэрин тэрийэр тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрин санаа атастаһыыларын истии тэриллэн ыытылынна.
Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтигэр миниистирин солбуйааччы Николаев П.Р., «Сахабулт» Акционернай уопсастыба Генеральнай дириэктэрэ Васильев М.Э., Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын ААУо Генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Степанов А.Ф. этиилэрэ истилиннэ.
Николай Стручков
«Сардана» (Заря) хаһыат
Өлөөн улууһа