«Тугунок күнэ» бырааһынньыктан репортаж
Атырдьах ыйын 19-21 күннэригэр Бастакы Өлөөннөөҕү төрүт олохтоох салаалары сайыннарар сирдэри (ТТП) харыстаан хаалларыыга форум буолан ааста. Бу 4 күн устата ыытыллыбыт форумца 235 киһи кыттыыны ылла, маны таһынан куйаар нөҥүө сибээһинэн аныгы кэм ирдэбилинэн 69 кыттааччы Москваттан, Ханты-Мансийскай уокурук киинэ Югра куораттан, Красноярскайтан, Магадантан, республика министерстволарын ведомстволарын бэрэстэбиитэллэрэ видеоконференция быһа сибээһинэн тахсан кэпсэтиигэ кыттан, форум регионнар икки ардыларынааҕы диэн ааттаныан ааттанна. Маны сэргэ оройуоҥҥа кэлэ сылдьыбыт 23 киһилээх делегация 4 күннээх пленарнай мунньахтарга, төгүрүк остуолга кыттан элбэх көмөнү, сүбэни, көрсүһүүлэри оҥордулар. Бастакы күн 12, иккис күн 13, үһүс күн 7 — барыта 32 дакылаат оҥоһулунна, дьүүллэһилиннэ. Форум күннэрин култуурунай программатыгар Өлөөн эбэцкилэрин үгэстэрин,абыычайдарын көрдөрөр, кэпсиир киэҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэр ыытыллыбыттарын ыалдьыттар сөҕө-махтайа көрдүлэр-иһиттилэр.
Форум биир култуурунай программатынан иккис сылын ыытыллар,кэнники кэмҥэ киэҥ эйгэҕэ биллэр «Өлөөн тугунога» диэн Өлөөнү ааттатар сыа балык күрэҕин Күнүн култуурунай чааһын, олохтоохтор, ыалдьыттар сэцээрэн көрдүлэр.
Түҥ былыргы үйэлэртэн уста сытар Өлөөн эбэ бытархай таастаах уҥуоргу биэрэгэр ураһалар буруолара унаарыйда.
Сотору буолаат күрэххэ кыттаары тэринэн-бэринэн, 14 мотуордаах оҥочонон эбэни өрөттөн балыксыттар хамаандалара биэрэккэ тиксэллэр, кинилэри эбэҥкилии таҥастаах сиэри-туому ыытар бөлөх ыраастаныы ааркатынан «Чычыпкаан» нөҥүө көрсөр, аҕа саастаах ытык кырдьаҕас аҕа ууһун төлөнүн иҥэрэр «Эллувка» («Кырдьаҕас чоҕунан биһэр») сүгүрүйэллэр, араас дьүһүннээх лиэнтэлэри баайан «Улгаанни» сиэрин-туомун толороллор, үгэскэ кубулуйбут сыа балыкка анаммыт ытык-мааны күннэригэр үтүмэн үөрүүлэрин үллэстэ тиийэн-кэлбит Өлөөн эбэ Хотун иччитигэр сүгүрүйэн «сапкай» түһэрэллэр.
Ыраахтан-чугастан мустубут дьону Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун баһылыга Лена Степановна Иванова. «Тугунок Күнүн» ыытыы үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлиир. «Үгэс буолбут дьарыктары сөргүтэр, болҕомто уурар, булчуттары, эдэр ыччаттары төрөөбүт айылҕаҕа болҕомтолоохтук сыһыаннаһар быһыыны иҥэрэр сыалтан, былырыын, «Тугунок Күнүн» сыл аайы тэрийэн ыытарга быһаарбыппыт. Өлөөнү ааттатар, киэҥ эйгэҕэ биллэр сыа балыкпыт ыраас уулаах Өлөөн эбэбитигэр мэлдьи баар буоларыгар, үтүмэн үгүс сылларга үөскүү турарыгар баҕарабыт» — диэн баһылык Лена Иванова бары олохтоохторго, промышленниктарга туһаайан этэр.
Тыйыс айылҕалаах дойдуга олорор аҕыйах ахсааннаах норуоттар үгэстэрэ бэйэтэ ураты суолталаах — сөбүлэһиигэ олоруу, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү, өйдөһүү, кэпсэтиһиини олохтооһун. Итини бигэргэтэн бырааһынньык кыттыылаахтара, кэлбит ыалдьыттар эбэҥкилии доҕордоһуу үҥкүүтүгэр киирэллэр.
Ураһаларга киирэн эбиэттээн, сынньанан, кэпсэтэн, Өлөөн эбэ бытархай таастаах кытылыгар хаамсан, салгынынан дуоһуйа тыынан, дьон үөрэн-көтөн, бырааһынньык салҕанан барар. Алмаастаах Удачнай куораттан Удачнайдааҕы хайа байытар комбинат элбэх киһилээх делегациятын салайан илдьэ сылдьар директор солбуйааччыта Александр Антоненко оройуон баһылыгар Лена Ивановаҕа Александр Степанович Иванов аата алмааска иҥэриллибитин туһунан сибидиэтэлистибэни туттарар.
«Александр Степанович аатын сахабыт сирин алмаас тааһыгар иҥэрии – бу холкуостары ол кэмҥэ салайбыт чулуу дьоммут, алмаас көрдөөһүнүгэр итиилээх-кумаарга таба көлөлөөх сылдьыбыт биһиги эһээлэрбит, эбээлэрбит сындалҕаннаах, сыралаах үлэлэрин чиэстээһин, бочуоттааһын буолар. АЛРОСА АК хампаанньа салалтатыгар Өлөөн олохтоохторун аатыттан улахан махталы тиэрдэрбин көҥүллээҥ. Бу сертификат дьон-сэргэ көрүүтүгэр-билиитигэр оройуоннааҕы музейга туруоруллуоҕа». Салгыы «Анаабыр алмаастара» акционернай тэрилтэ генеральнай директора Павел Маринычев, Удачнай куорат баһылыга Артур Приходько, Ил Түмэн депутата Елена Голомарева, Гуманитарнай чинчийиилэр уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын үөрэтэр Институт научнай үлэһитэ Вячеслав Шадрин Бастакы Өлөөннөөҕү ТТП форума ыытылларынан, «Тугунок Күнүнэн» эҕэрдэлииллэр.
«Олломокит» — ыраас уулаах эбэбит байанайа бэрсибит үрүҥ балыгыттан миини астааһын күрэҕэ саҕаланар. Спорду, чөл олоҕу өрө туппут дьиэ кэргэн Ия, Владимир, кыра уоллара Арылхан Федоровтар уонна элбэх оҕолоох эдэр ыаллар Саргы, Василий Харабаевтар оҕолорунаан кытталлар. Күрэх бастакы этаба аал уоту араҥаччылааччы кутаатын күөдьүтүөр диэри, оҕолор аҕаларын кытта уу баһан тахсаллар. Уонна төрөппүттэрэ балыктарын астыыр кэмигэр ыытааччы мустубут дьоҥҥо Өлөөн эбэҕэ үөскүүр балык туһунан күрэх оонньотор, салгыы дьиэ кэргэни билиһиннэрии күрэх этаба ыытыллар, ырыа-үҥкүү тэриллэр.
«Тугунок Күнүн» күрэҕин кыттааччылара киэһээ сэттэ чаас буолаатын мотуордарын тардаат ким ханна балыктыыр сирдэринэн ыстаннараллар. Түүн үөһүн саҕана, олохтоммут бириэмэ бүтээтин кэлэллэр. Судьуйалар балыктаммыт балыгы ыйааһыннаан туталлар. Сарсыныгар форум сабыллар пленарнай мунньаҕа түмүктэнээтин күрэх кыттааччыларын наҕараадалааһын саҕаланар. Оройуон баһылыга бэлиэтээбитин курдук, быйылгы күрэххэ элбэх хамаанда кытынна, төрүт үгэс буолбут дьарыктарын ыһыктыбакка илдьэ иһэр бары даҕаны хоту дойду хоһуун эр бэртэрэ. Күрэхтэһээччилэри кытта ыалдьыттар барсан балыктаһан, Өлөөн эбэ көмүс хатырыктаах сыа балыгыттан бэриһиннэрдилэр. Судьуйалар билиһиннэрбиттэринэн, бу күн барыта 398,3 кг сыа балык, 87,1 кг. «ньымаат» балык ылыллыбыт. Былыр-былыргыттан көс эбэҥкилэр бултуйдахтарына ньымааттаьар идэлээхтэр, ол үгэс билиҥҥэ диэри салҕанан бара турара эдэр ыччакка тиэрдии үтүө холобур буолар. Быйылгы күрэххэ сүрүн бириистэри Удачнайдааҕы ГОК уонна оройуон дьаһалтата
туруорбут. Айылҕа быйаҥын бэрсэрэ, күн-дьыл туругуттан эмиэ тутулуктаах, быйыл сөрүүн халлааннар тураннар, эбэҕэ уу толору буолан былырыыҥҥытааҕар аҕыйах балык ылыллыбыт диэн судьуйалар кэпсииллэр. Саамай элбэх сыа балыгы туттаран «Северный улов» хамаанда, капитан Айсен Федотов хамаандата кыайыылаах таҕыста. Иккис миэстэни «Тирэхтээх» хамаанда, капитан Василий Егоров хамаандата ылар, үсүһү «Бөөҕүлүү» хамаанда, капитан Николай Христофоров ылар. Маны сэргэ, республикаҕа Ийэ сылынан Лена Александроваҕа — хамаанда капитаныгар анал бириис уонна сибэкки букета, оройуоҥҥа аҕа сылынан Кирбэйтэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыгар Михаил Николаевка «Бээлгээр» хамаанда капитаныгар, саамай аҕа саастаах күрэх кыттааччытыгар Алексей Сергеевкэ анал бириистэр туттарылыннылар. Ити курдук, саамай ыраас уулаах Өлөөн эбэ күндүлүүр үрүҥ көмүс хатырыктааҕын, Өлөөн сыа балыга, диэн сэһэҥҥэ кэпсэнэр, күүтүүлээх күрэҕэ олус тэрээһиннээхтик ыытылынна.
Еще больше интересных новостей в телеграм-канале Ulusmedia
Вера Ларионова
Подробнее: https://ulus.media/article/69259