Дьокуускайга «Эдьигээн улууһа Саха сирин историятыгар» диэн быыстапка арылынна

Дьокуускайга «Эдьигээн улууһа Саха сирин историятыгар» диэн быыстапка арылынна

Балаҕан ыйын 15 күнүттэн Дьокуускай куоракка Ярославскай аатынан түмэлгэ А.Я. Уваровскай аатын сүгэр Эдьигээн оройуонун историческай түмэлин үлэhиттэрэ тэрийбит «Эдьигээн улууһа Саха сирин историятыгар» диэн быыстапката үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Быыстапка Саха АССР 100 сылыгар ананар.

 

Тэрээһин күндү ыалдьыттарынан Саха сирин култууратын уонна духуобунаһын сайдыытын миниистирэ Ю.С. Куприянов, И.Е. Алексеев-Хомус Уйбаан, Айсен Дойду, Эдьигээн улууһугар урукку сылларга баһылыктаан олорбут Ю.А. Антонов уо.д.а. буоллулар. Ыалдьыттар тыл эттилэр, Эдьигээн баай историятын бэлиэтээтилэр. Быыстапка В.П. Иванов «Эдьигээн» диэн ырыатынан арыллан дьону долгутта, үөртэ.

 

Быыстапка Эдьигээн национальнай эбэҥки оройуонун историятын уонна култууратын билиhиннэрэр. Анал истиэндэлэр Эдьигээн киэн туттар, улуу дьонугар анаммыттар. Ону сэргэ быыстапканы көрө кэлбит дьон хоту дойду олохтоохторун олохторугар-дьаhахтарыгар, балыктааhыҥҥа-бултааhыҥҥа туттар 19-20 үйэтинээҕи тэриллэрин, малларын-салларын көрүөхтэрин сөп. Экспонаттар Эдьигээннээҕи историческай түмэл, Ярославскай аатынан түмэл, Аан дойдутааҕы Хомус түмэлин уонна киинин, национальнай библиотека пуондаларыттан турбуттар.

 

Уопсайа быыстапкаҕа сүүсчэкэ экспонат турда. Быыстапка алтынньы ортотугар диэри үлэлиэҕэ.

 

Новости Жиганска — Эдьигээн сонуннара
Еще больше интересных новостей в телеграм-канале Ulusmedia
Подробнее: https://ulus.media/article/71544

Виртуальная клавиатура

  • Һ
  • һ
  • Ө
  • ө
  • ҕ
  • Ү
  • ү
  • Ҥ
  • ҥ
  • Ӫ
  • ӫ
  • w
  • ӧ
  • Ӄ
  • ӄ
  • Ԓ
  • ԓ
  • Ӈ
  • ӈ
  • ʼ