Көс олохтоох Муома хоһуун дьоно төрүт салааны сайыннарар
Улахан Чыыстайга икки хонон баран, дьэ «Уралбытыгар” олорсон, Дьокуускайга төннөр суолбутун тутустубут. Эрдэ былааннаммытын курдук, аара “Мрамор” хайатын анныгар тохтоон, хонон аастыбыт. Нөҥүө күн түөрт буолан, сарсыарда 5 чаастан тыаҕа тахсан, баай байанай бэрсэр минньигэс сугунуттан үргээн, иһиппитин толорбуппут. Сарсыардааҥҥы сиик көтө илигэ, онон киһи хайдах эрэ дьагдьайар сөрүүнэ этэ. Икки өттүттэн үрдүк хайалар көстөллөр. Сугуннуур сирбит уга киэҥ, маһа-ото элбэх. Бу иннинэ хаста даҕаны кырдьаҕас суолун көрбүт буоламмыт, хайдах эрэ иһийэн турар тыаҕа: “Мин хаһааспын тоҕо тыыттыгыт?” — диэбитинэн хара тыа хаһаайына тахсан кэлиэх курдуга. Искэр салла, куттана саныыгын да, таска ону биллэрбэккэ, умса түһэн хараххын, илиигин сугунтан араарбаккын.
Алгыстаах айаммыт түгэннэриттэн
“Урал” кузовар олорон, Сахабыт сирин уйаара-кэйээрэ биллибэт кэрэ көстүүлэрин харахпытыгар хатаан, дьоллонон салгыы айанныыбыт. Тулабыт маарыннаспат аарыма хайалар….
Хайа да сиргэ, айанньыт тохтоон ааһар ытык миэстэлээх буолар. Чыыстайдар, ону тэҥэ бу суолунан сылдьар Халыма эргин, онтон да салгыы айанныыр дьон тохтоон ааһар “Муома” айылҕа пааркатын территориятыгар киириигэ инструкторбыт Слава Дьокуускайтан оҥотторон илдьибит вывескатын саҥардан, аналлаах миэстэҕэ ыйаатыбыт
уонна улахан суобуотунньугу оҥордубут. Быраҕыллыбыт бөҕү тыал обургу киэҥ сыһыыны биир гына кыайа-хото ыспытын хомуйан, умайарын уматан, умайбаты биир сиргэ мунньан, сири-уоту бөхтөн босхолоотубут. Ытык сир барахсан ырааһыран, биһиги харахпытыгар уларыйан, махтаммыкка дылы буолбута.
Айылҕаҕа сылдьар дьон, туристар, биһиги охсуһар охсуһуубут – бөх. Дьон-сэргэ өйүгэр тыаҕа, айылҕаҕа ыраастык, бэйэ кэнниттэн тугу да хаалларбакка сылдьар туһунан өйдөбүл хаһан олохсуйара, иҥэрэ буоллар? Бары ыһа-тоҕо сырыттахпытына, тулалыыр эйгэбит сатарыйан, сотору сыбаалка ортотугар олорор буолуохпут. Ханна да сырыттарбын, итинник мөкү хартыынаны көрөн улаханнык хараастабын.
Ити курдук үтүө дьыалаҕа кыттыһан баран, айаммыт суолун салҕыыбыт. Хоту сиргэ тиийбит киһи эрэ барыта табаны илэ хараҕынан көрөн дьоллонуон баҕарар буолуохтаах. Биһиги ити күн хонукпутугар ыстаадаҕа тиийиэхтээхпит. Балай эмэ барбыппыт кэннэ бастакы ыстаада табалара ыраахтан көһүннүлэр. Барахсаттар үчүгэйдэриин, араас өҥнөөхтөр. Хайа тэллэҕэр мэччийэ сылдьаллара. Биһиги массыынаҕа олорон, харса суох дьоллоох түгэни куоттарымаары хаартыскаҕа түһэрэбит, видеоҕа устабыт.
Киин сир курдук буолуо дуо?! Онон-манан суол омооно эрэ баар. Уонна дьэ сотору-сотору үрэх устун айанныыбыт. Сорох сирдэргэ массыына көлүөһэтин улахан аҥарынан сабар ууну кэһэн туоруубут. Хоту дойду уолаттара айанныы үөрүйэхтэрин сөҕө-махтайа олоробут. Арай биһиги көрдөхпүтүнэ, ханан да суол баара көстүбэт, онуоха суоппарбыт Павел Тарабукин бэйэтэ билэр трассатын эриирдээх-мускуурдаах суолун устун быыстала суох айанныыр.
Ыстаадаҕа
Ыраахтан ыстаадалар тохтоон, базаланан олорор миэстэлэрэ, маҥан балааккалара көһүннэ. Дулҕаларынан, күөрэ-лаҥкы сирдэринэн айаннааммыт, ыстаадаҕа тиийэн кэллибит. Хас даҕаны балаакка турар. Киһи аҕыйах. Кырачаан оҕолор оонньуу сылдьаллара. Биһигини ыстаада хаһаайката Евдокия Спартаковна Слепцова көрсүбүтэ. Ыстаадаҕа таба харааллааһына саҕаланан, үлэһиттэр бука бары онно сылдьаллар эбит. Малбытын сүөкээн, балааккабытын туруорунан, хаһаайка минньигэс бэрэскитин амсайан, сылаас чэйин иһэн баран, табалары хаайар сирдэригэр бардыбыт.
Чугаһаабыппыт, доҕоор, дьэ кыраһыабай көстүү манна баар эбит. Тыһыынчанан табалар биир сиргэ хаайыллан туралларыгар тиийдибит. Бүгүлэх утары сайыҥҥы прививкаларын туруоруу, ахсааннарын ааҕыы-суоттааһын, ыарыһах табалары тутан эмтээһин уонна муос быһыытын үгэнэ эбит.
Бу ыстаадаҕа сүрүннээн икки эбээн ыала оҕолорунаан үлэлииллэр. Сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар аймах оҕолор хаһыс да сылын кэлэн көмөлөһө сылдьаллара. Ыраахтан кэлбит ыалдьыттарга хоту дойду аламаҕай дьоно барахсаттар таба өлөрө охсон, сибиэһэй этинэн күндүлээтилэр, таба иһин минньигэс миинин иһэн дьоллоох сахалар — биһиги буолбуппут. Уонтан тахса күн тушенка миинин, галет, суухара аһылыктаах дьоҥҥо ити күн куртах соһуйар “ый ыһыаҕын” мааны остуолугар олорбуппут.
Нөҥүө күн сарсыардатыттан биһиги табаһыттарга көмөлөһөн, харааллааһын туһунан өйдөбүлү ыллыбыт, табалары тутан биэриигэ, үүрэн киллэриигэ илии-атах буоллубут.
Табалар сибиинньэлии хаһыҥырыыллар. Хас биирдиилэрэ эмиэ киһи курдук тус-туспа майгылаахтар. Өсөһөллөр, муҥхааллыыллар, кыыһыраллар, ол быыһыгар сорохторо бэрт холкулар, үгүстэрэ бороҥ, күрүҥ дьүһүннээхтэр, аҕыйах муус маҥан таба баара.
Манна «Кукуин» община салайааччытынан ыал ийэтэ, чуум үлэһит Евдокия Спартаковна кэргэнинээн Аркадий Прокопьевичтыын үс оҕолорунаан, быраатын дьиэ кэргэнинээн үлэлииллэр. Сайыҥҥы кэмҥэ кыыстара Северина Дьокуускайдааҕы медколледжы бүтэрэн кэлэн, күһүн үлэҕэ киириэр диэри дьонугар көмөлөһөн, табаларга прививка туруорар, доруобуйаларын көрөр-истэр сүрүн киһилэрэ буола сылдьара. Аймах оҕолордуун ити кэмҥэ уопсайа 14 үлэһиттээх олороллоро. Элбэх киһи күннээҕи аһын дьаһайан астыырын, кыһыҥҥы сылаас таҥас тигэрин түбүктээх күнүн быыһыгар, бэрэски буһарар кэмигэр тутаммын Евдокиялыын бу курдук кэпсэттибит.
— Биһиги “Кукуин” общинабыт үлэтэ
2015 сыллаахха саҕаламмыта. Табабыт ахсаанын элбэтии — биһиги сүрүн сыалбыт. Билигин 1000-тан тахса төбөлөөхпүт. Биһиэхэ эрэ буолбатах, уопсайынан таба иитэр дьон кыһалҕата сүрүннээн биир буолуохтаахтар — бөрө элбээһинэ, база туттуута, сири докумуоннатыы, техника, туттар тэрил аҕыйаҕа.
Билигин 5 сүрүн үлэһиттээхпит. Кэргэним, уолаттарым, быраатым. Сайыҥҥы кэмҥэ хаһыс да сылын аймах оҕолорбут кэлэн көмөлөһөллөр. Бухгалтер идэлээхпин, отчуоттарбын бэйэм оҥоробун. Онон быстах кэмҥэ интернет холбонон үлэлиибин. Рациянан киин сири кытта күн-дьыл туругун билсэ олоробут. Ыам ыйыттан саҕалаан таба аһылыгын батыһан нэдиэлэ, уһаабыта уончалыы хоно-хоно көһөн иһэбит. Табаларбыт анал маршруттаахтар онон бэйэлэрэ сыҕарыйан иһэллэр. Сэтинньи ыйга диэри көс олоҕунан олоробут. Адьас тымныы ыйдарга база сиргэ тутан аһатабыт. Халлаан арыый сымнаата да, айаммыт саҕаланар.
Кэнники сылларга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы программатынан субсидиялар көрүлүннүлэр. Онон туһана сатыыбыт. Ол эрээри, докумуон ситиһиитэ, хомуйсуута бириэмэни ирдиир, ыстаада дьонугар ити эмиэ сорох түгэҥҥэ кыаллыбат курдук буолар. Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ бөһүөлэккэ да айанныыр ыарахаттардаах. Аҕыйах сыллааҕыта “Урал” массыыналанаммыт, көс олохтоох дьон техникаланаммыт үөрүүбүт улахан. Ол иннинэ дьэ, табаны көлүйэн онон көһөр этибит.
Сыл аайы бөрө ахсаана элбээн, кутталы үөскэтэр.Итини таһынан табаҕа хотой, саһыл, сиэгэн эмиэ кутталлаахтар. Кэргэним Аркадий Прокопьевич, улахан уолбут Ростислав бөрөһүт буоланнар, ити кыһалҕаны быһаара сатыыллар. Лицензиялаахтар, онон бөрө төбөтүгэр харчы аахсаллар, тириитин «Сахабулка” туттараллар.
Икки тайаҕы туруорар булчут ыттаахпыт. Ону таһынан табаһыт-бостуук үлэтин толорор ыттардаахпыт. Ыттары кыраларыттан илдьэ сылдьан үөрэтэбит. Онон күөйэн-хаайан, үүрэн туһалара элбэх.
— Дьоҥҥор тугу астаан аһатаҕын?
— Мин дьонум хааһыны сиэбэттэр. Сүрүннээн эт аһылыктаах ыалбыт. Дьокуускайтан саас эрдэ аспытын барытын ылынан хаһаанабыт. Онон кэнсиэрбэ, тушенка, таба этэ, балык. Сарсыардаттан соркуой да буһарыахпын син (күлэр). Килиэппитин бэйэбит астанабыт, бу курдук тимир оһоххо лэппиэскэтиҥи килиэби, бурдук аһын күннэтэ астыыбын. Хайаан да миин, соркуой, плов, биирдэ эмэ кэтилиэт оҥоробун. Курууппа арааһын буһарабын. Оҕолор төрөөбүт күннэригэр эрдэтинэ ааһан иһэр дьонунан фрукта, оҕуруот аһын, торт сакаастаһабыт. Эриллибит этинэн “Динозаврики” диэн гедза курдук фирменнэй бүлүүдэлээхпин. Ону бэлиэ күн остуолугар астааммын чугас дьоммун күндүлүүбүн.
— Куйаас күннэргэ аскытын, эккитин хайдах харайаҕыт?
— Баахха уган баран, үрэххэ уурабыт уонна тааһынан баттатабыт.
— Чуум үлэһит ас астыырын таһынан соруга элбэх эбит дии?
— Оннук. Күн аайы дьоҥҥун тото-хана аһатаҕын. Бириэмэ быыс булан кыстыкка бэлэмнэнэн, тыс имитэбин, бэргэһэ, этэрбэс, үтүлүк, тириинэн ыстаан, саҕынньах тигэбин. Үлэһиттэрим кыһыҥҥы таҥастарын сүрүннээн бэйэм хааччыйабын.
Оҕолор ыстаада олоҕун олус сөбүлээн, номнуо бэһис сылын сайылаһа сылдьаллар. Таба манааһыныттан саҕалаан, аска-үөлгэ, иһит сууйан, сотон, илии-атах буолан, көмөлөрө баһаам.
— Инники былааннаргыт? Баҕа санааларгыт?
— Кадр боппуруоһа –тыын боппуруос. Баҕалаах дьону үлэҕэ ыҥырабыт. Билигин улахан уолбут АГАТУ-га кэтэхтэн үөрэнэ сылдьар. Кыыспыт Северина быйыл медколледжы бүтэрэн, медсестра идэтин ылан, Дьокуускайга үлэлии барыахтаах. Кыра уолбут Дима — Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар зоотехник идэтигэр үөрэнэн бүтэрбитэ.
Быраатым дьиэ кэргэнин кытта биһигинниин бииргэ үлэлиир. Таба иитиитигэр ыччат дьон сыстан, үлэлииригэр баҕарабыт. Киин сирдэртэн, тыа хаһаайыстыбатын идэлэрэ үөрэхтээх, аныгы көрүүлээх, баҕалаах дьон үлэлии кэлэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Биһиги ырыаҕа ылламмыт көрүөхтэн кэрэ айылҕалаах Муомабытын сылдьыбыт киһи барыта сөҕөн-махтайан төннөр.
Эмпитин-томпутун барытын бэйэбит булунабыт. Төрүөхпүт ахсааныгар болҕомтобутун уурабыт. Этэҥҥэ ыалдьыбакка, адьырҕа кыыл аймаабакка, ууһаан-тэнийэн иһэллэригэр сыаллаахтык үлэлиир былааннаахпыт. Үлэлээбиппит 7 сыл буолла. Онон билигин табабытын производствоҕа таһаара иликпит, бэйэбитигэр эрэ тутта олоробут.
Племенной боппуруос сытыытык турар. Аттынааҕы ыстаадалартан атастаһабыт, хаан уларытыытыгар болҕомтобутун уурабыт, инникитин ити боппуруос хайдах быһаарыллыаҕын толкуйдуубут.
Хоту сиргэ олорор дьон, кыстыкпытын этэҥҥэ туоруур сыал-сорук турар. Онон бөҕө-таҕа матырыйаалтан балаакка тигиитэ, сылаас таҥас тэриниитэ эмиэ үбү-харчыны, бириэмэни эрэйэр.
«Муомаҕа төрөөбүппүнэн – дьоллоохпун”
Карина Тарабукина — Республика бастакы Президенэ М.Е.Николаев туттарбыт Өктөмнөөҕү лицей 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:
— Мин Өктөм лицейыгар медико-техническэй хайысхалаах кылааска үөрэнэбин. Быйыл оскуоланы бүтэрэбин. Киин куораттарга туттарсан, медик идэтин талар баҕалаахпын.
Ыстаадаҕа кыра кылаастартан сылдьабын. Үөрэҕим кэнниттэн саас дойдубун, табаларбын, айылҕабын, хайаларбын олус ахтан, суохтаан кэлэбин. Сайыны быһа ыстаадаҕа сылдьабын. Таба манааһына — биһиги күннээҕи сүрүн үлэбит. Табаны, аты кырабыттан миинэбин.
Мин санаабар, ыстаада олоҕо киһини ыарахантан толлубат, кыайыгас-хотугас буоларга үөрэтэр. Мин манна ылбыт билиибин-көрүүбүн, уопуппун, сатабылбын
тус олохпор улаханнык туһаныам дии саныыбын. Мин дойдум, салгынныын ураты, кыраһыабай.
“Кэрэ, кэрэ күннээх саас кэллэ,
көрсүө, сэмэй дьонноох Муомабар…”
Ити курдук биһиги ыстаада олоҕун көрөн, өйдөбүл ылан, икки күн манна хоннубут. Киэһэтин аһыыр балааккаҕа мустан кыра кыргыттардыын Элеоноралыын, Ангелиналыын гитаранан, укелеленан ырыа ыллаатыбыт, кинилэргэ саҥа ырыа үөрэттибит, идэбитин кэпсээтибит, үөрэх, билии туһунан кэпсэттибит. Кыра кыргыттар дойдуларынан киэн туттубуттуу, “Кэрэ, кэрэ күннээх саас кэллэ, көрсүө, сэмэй дьонноох Муомабар” диэн Тамара Апросимова тылларыгар, олохтоох мелодист Андрей Старков мелодиятыгар суруллубут ырыанан киэһэни саҕалаабыттара.
Түмүк санааларым
Биһиги ити курдук табаһыттар кытаанах усулуобуйаҕа олороллорун илэ харахпытынан көрөн, ыстаада олоҕунан икки күн олорон аастыбыт. Көс олохтоох дьон адьас ыалдьымыан наада эбит. Итинник тэйиччи, сибээһэ, суола-ииһэ суох сиргэ ыалдьар букатын табыллыбат. Киэһэтин халлаан балайда сөрүүкүүр. Ол эрээри кыра оҕолор хойукка диэри атах сыгынньах, чараас таҥастаах сылдьаллара. Кинилэр тулалыыр хайалар харысхаллаах айылҕа оҕолоро буоллахтара.
Тыа хаһаайыстыбатын биир сүрүн салаатыгар — таба иитиитигэр — салалта өттүттэн болҕомто өссө күүһүрэригэр, саҥа киирбит сокуоннары, программалары өйдөтөр, быһаарар үлэ тэтимнээхтик барыан наада эбит дии санаатым. Хоту дойду романтикатыгар умсугуйан, Санкт-Петербург куораттан эдэр уоллаах кыыс атын ыстаадаҕа кэлэн дуогабарынан үлэлээн, сотору барыахтаахтарын туһунан кэпсээн аһарбыттара. Оннооҕор киин куораттан сэҥээрэн, интэриэһиргээн кэлэр буоллахтарына, олохтоох бэйэбит ыччаппыт барара тоҕо сатаныа суоҕай? Муома улууһугар эрэ буолбакка, бары ыстаадаларга үлэһит илии, саҥа киһи кэлэрин олус кэтэһэллэр эбит. Онон сонун сиргэ, ураты айылҕаҕа, саҥа эйгэни кытта билсиһэ, көрө-истэ, олох оскуолатын ааһар баҕалаах ыччакка ыстаада аана аһаҕас. Ол сылдьан олохторун оҥостон, ыал буолан, олохсуйа да хаалыахтарын син эбит.
20 хонуктаах сырыыбыт устатын тухары Муома улууһугар араас идэлээх дьоннуун сэһэргэһэн, кэпсэтэн ааспыппын, салгыы суруйуом.
Екатерина Бястинова
Подробнее: https://ulus.media/article/74934