Таба ахсаана эбиллэр, ыстаада олоҕо-үлэтэ чэпчиир

Таба ахсаана эбиллэр, ыстаада олоҕо-үлэтэ чэпчиир

Дьиэ табатын иитии – хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар төрүт дьарыктарыттан саамай сүрүннэрэ уонна тыын суолталаахтара. Бу салааны өйөөһүҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн сыл ахсын 800-836 мөл. солкуобай кээмэйдээх үбүлээһин көрүллэр.

Мантан 80 бырыһыана табаһыттар хамнастарыгар, 20 бырыһыана сылга иккитэ ыытыллар сааскы-күһүҥҥү хараал тэрээһинигэр, өрөмүөнүгэр уонна табаһыттар таҥастарыгар-саптарыгар, туттар тэриллэригэр, уматыкка, таба эбии аһылыгар, тууска ороскуоттанар.

Бу дьыл ахсынньы 8 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ бары киэптээх хаһаайыстыбаларыгар 176 691, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр, бааһынай хаһаайыстыбаларга уонна урбаанньыттарга 167 123 таба иитиллэр. Былырыыҥҥы туһааннаах кэмтэн таба бүттүүн ахсаана 8 %-нан элбэх. Быйыл барыта 41 579 тугут төрүөҕэ (тыыннаах тахсыыта – 55,2%) ылылынна. Исписэлиистэр бэлиэтииллэринэн, хоту эҥээргэ сайын таба мэччийэригэр табыгастаах сөрүүн күн-дьыл турбута ахсааҥҥа үтүө өттүнэн сабыдыаллаата.

 

Инньэ гынан, билигин 2022 сыл тохсунньу 1 күнүгэр баартан 8,6, былааннаммыттан 6,5 %-нан элбэх таба иитиллэрин туһунан улуустардааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениелара отчуоттуур сыыппараларыгар олоҕуран этиэххэ сөп. Ол эрээри, элбэх улууска күһүҥҥү хараал түмүктэнэ илигинэн, бүтэһиктээх ахсааны чуолкайдык ыйарга эрдэ. Ааспыт дьылга бары киэптээх хаһаайыстыбаларга 162 636 таба кыстатыллыбыт буоллаҕына, быйыл эккэ туттубут кэннэ 165 889 табаны кыстатарга былаанныыллар.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин хотугу төрүт дьарыктары сайыннарыыга салаатын салайааччы Иннокентий Баланов сыл аайы 20-25 тыһ. таба туһата суох өлөрүн этэр. Мантан 6-6,5 тыһ. табата ыалдьан өлөр, 10-15 тыһ. табаны сиэмэх кыыллар сииллэр, 4-10 тыһ. таба “сураҕа суох” сүтэр. Кыра-кыаммат эрдэхтэринэ тугуттары эһэ, сиэгэн, кырса, тыҥырахтаах көтөр кыайа тутар буоллахтарына, бөрө арахсыбакка буулуурунан ордук охсуулаах: сылга 700-800 ардай аһыылаах сууһарыллар эрээри, бу салааҕа 70-135 мөл. солкуобайдаах хоромньуну сурдар халыҥ аармыйалара таһаара турар.

 

Иннокентий Михайлович этэринэн, федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии кэлиҥҥи 15 сылга бөрөнү бултаһарга кэккэ күчүмэҕэйдэри үөскэппит: дьааты туттарыҥ бобуллар, анал тэриллээх көтөр аалы уонна анаан үөрэммит лүөччүктэри көтүтэриҥ ирдэнэр, “гуманнай” дэнэр эрэ хапкаанынан бултуохтааххын. Ити бөрөнү утары охсуһууга олохсуйбут ньымалартан туоруурга күһэйэр. Ол даҕаны буоллар, салайааччы бэлиэтииринэн, кэлин 3 сылга сурдары сонордоһуу сөптөөх суолун тобулан эрэр: табалаах хаһаайыстыбалар хаартан иҥнибэт көлөлөрү, “гуманнай” хапкааннары киэҥник туһанар буоллулар, дьуһуурунай табаһыттар бөрөнү куттуурга тыаһыыр, умайар уонна буруолуур тээбириннэри тутталлар.

СӨ бырабыыталыстыбата РФ Уһук Илини сайыннарыыга министиэристибэтин кытта түһэрсибит сөбүлэһиитигэр олоҕуран, федеральнай бүддьүөттэн быйыл табаны иитии салаатын өйөөһүҥҥэ 39 мөл. солкуобай кэлбитин 20 хаһаайыстыбаҕа 20 квадрокоптеры, 17 хаһаайыстыбаҕа күн уотуттан эньиэргийэ оҥорор 17 ыстаансыйаны, 24 хаһаайыстыбаҕа гаас уматыгынан үлэлиир 24 тэрили уонна 12 хаһаайыстыбаҕа көһөрүллэ сылдьар 50 дьиэни атыылаһарга туттубуттар. Ону таһынан ити субсидия суотугар 4 хараал уонна 6 км усталаах күрүө тутуллубуттар.

“Маннык өйөбүл 2024 сылга диэри үлэлиэхтээх. Табаһыттар бу бырайыагы биһирээтилэр уонна салгыы үлэлэһэргэ бэлэмнэр, – диир Иннокентий Баланов. – Гаас уматыгынан үлэлиир тэриллэри көс олохтоох табаһыттар, бэлиэр, туһананнар, оттук маһы көрдүүргэ, тиэйэн аҕаларга, эрбэтэргэ-хайытарга ороскуотурбат буоллулар. Оттон квадрокоптердар күһүҥҥү хараал кэмигэр табаны хомуйарга уонна көрдүүргэ көдьүүстээхтэрин көрдөрдүлэр. Күн уотунан үлэлиир ыстаансыйа мантан кыһын хараҥардаҕына ыстаадаҕа күн сырдыгын суохтатыа суоҕа…”

Табаны иитии салаатыгар 111 хаһаайыстыба идэтийэр. Олорго 1221 киһи, ол иһигэр 989 табаһыт уонна 232 чуумсук, үлэлииллэр. Тустаах хаһаайыстыба хайдах туруктааҕыттан, төһө табалааҕыттан тутулуктанан, бу салааҕа сыралаһар дьон 30 тыһ. солкуобайтан 50 тыһ. солкуобайга диэри хамнаһы аахсаллар. Ил Дархан сорудаҕынан 2023 сылга ыстаада 1 табатын төбөтүгэр көрүллэр төрүт ставка 4 995,5 солкуобайтан 5 335,4 солкуобайга диэри үрдэтилиннэ. Онон сыччах ити хайысхаҕа 64 мөл. солкуобай эбии көрүлүннэ. Эһиил табаны иитии салаатыгар барыта 1,2 млрд солкуобай кээмэйдээх судаарыстыба көмөтө тиийиэҕэ. Табалаах хаһаайыстыбалар оччоҕуна өссө күүскэ сэбилэнэн, сүрүн өстөөхтөрүн – сур бөрөлөрү “оннуларын буллартыыр” күннэрин тэһиппэккэ күүтэллэр.

Василий Никифоров

Подробнее: https://ulus.media/article/82603

Виртуальная клавиатура

  • Һ
  • һ
  • Ө
  • ө
  • ҕ
  • Ү
  • ү
  • Ҥ
  • ҥ
  • Ӫ
  • ӫ
  • w
  • ӧ
  • Ӄ
  • ӄ
  • Ԓ
  • ԓ
  • Ӈ
  • ӈ
  • ʼ