Мин төрөөбүт дойдубар сырыттым
ИЛКЭН. Усть-Яна оройуонун, Хаһааччыйа нэһилиэгин орто оскуолатын 1961 сыллаахха 10 буолан бүтэрбиппит. Онтон мин билэрбинэн, үс эрэ буолан хааллыбыт – мин, Пахомова Ирина Константиновна, үрдүк үөрэхтээх учуутал идэлээх СР норуотун маастара, Потапов Вячеслав Петрович, кандидат экономических наук, Горохова (Томская) Нина Семеновна, үлэ ветерана, оҕо саадын иитээччитэ.
Онон сааспыт ыраатта дии санаан, СОШ 150 саастаах юбилейыгар баран кэлэргэ быһаарынным. Суолум да табыллан, оройуон кииниттэн Депутатскайтан айаннаан Хаһааччыйаҕа кэллибит. Онно олохтоох аймах-билэр элбэх, дьоммор ыалдьыттаатыбыт. Миигин кытта кыыһым Кулачикова Лена Григорьевна барыста.
Иитэр-үөрэтэр Хаһааччыйа оскуолатын үлэһиттэрэ сүрдээх үчүгэйдик көрүстүлэр. Бу үөрүүлээх түгэнинэн туһанан, ииһим, айар үлэм выставкатын дьоммор-сэргэбэр көрдөрүөххэ диэн былааннаан, оҥоһуктарбын барытын эрдэ грузовой массыынанан ыыппытым.
Оскуолам үлэһиттэрэ биир кылааһы биэрэн, выставкабын туруордубут. Муус устар ый 4- уонна 5-гэр бэйэм оҥоһуктарбын биир дойдулаахтарбар көрдөрдүм. Бэйэм санаабар, астына көрдүлэр. Иистэнэр баҕалаах Далбар Хотуннарга сүбэ-ама, ииһим кистэлэҥин, ньыматын, ис хоһоонун кэпсээн билиһиннэрдим.
Оскуола 150 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт бырааһынньык үрдүк таһымнаахтык ааста. Үлэһиттэр, оҕолор бары бииргэ түмсэн, сүүрэн-көтөн сүрдээх үчүгэйдик тэрийдилэр. Бииртэн-биир интэриэһинэй тэрээһин ситимэ быстыбакка иһэрэ олус үөрүүлээх. Бу оскуолаҕа дириэктэринэн , оскуоланы бүтэрбит, өр сылларга салайан үлэлии сылдьар Окорокова Маргарита Степановна. Дьэ ити курдук үс күн биллибэккэ ааһа оҕуста.
Дуоһуйа бырааһынньыктаан, аны төннүү бопуруоһа турда. Биһиги кыыспынан Депутатскайга 6 чыыһылаҕа бараары, такси сакаастан олордохпутуна, миэхэ телефонаатылар. Кэпсэппитим, интернатка олорон үөрэммит Барабанскай Александр Васильевич эбит. Александр Хаһааччыйа оскуолатын интернатыгар олорон орто үөрэҕи бүтэрбит. Мин өр сылларга интернатка иитэччинэн үлэлээбитим. Ол иһин чугастык саныыбын.
Кини үлэһит ааттааҕа буолан, дойдуга улахан суолталаахтык тэринэн үлэлии –хамсыы сылдьар. Ол туоһутунан кини үрдүк наҕараадалара буолаллар:
- РФ тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ
- СР норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ
- СР тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ
- СР үтүөлээх горняга
- СР суол оҥоһуутун бочуоттаах үлэһитэ.
Онтон да атын РФ уонна РС (Якутия) элбэх наҕараадаларын киһи ааҕан сиппэт.
Ол курдук, Александр Васильевич телефоннаан биһигини Кулаарга ыҥырда. “Сарсын массыынанан кэлэн ылыам” диэн этиитин истэн биһиги Леналыын үөрдүбүт аҕай. Миигин арыалдьыттыы сырытта кыыһым Лена. Сарсыҥҥытыгар Кулаарга этэҥҥэ айаннаан тиийдибит. Манна дьэ көрсүһүү үөрүүтэ үрдээтэ. Александртан ураты үс интернатка олорон үөрэммит Неустроев Юрий Егорович, Горохов Спиридон Спиридонович, Болтунова Елена үлэлииллэр.
Кулаарга Александр тыһынчанан ахсаннаах таба ыстаадатын тутан, салайан үлэлии-хамсыы сылдьар. Олорор дьиэтэ икки этэстээх, олорорго бары усулуобуйа барыта оҥоһуллубут-тутуллубут. Үлэһиттэрэ туһунан дьиэлээхтэр, туспа аһыыр остолобуойдаахтар.
Манна кэлэн, санаабыт хоту астына сынньанныбыт, кэпсээн-ипсээн, сонун элбэх. Ас арааһын повардара астыыр. Сонун астары – таба тылын, хаанын, бурдук аһын – остуол хотойорунан тардан күндүүлээтэ. Сарсыҥҥытыгар күн сырдык уотунан сыдьаайар, ыраас салгын тыынарга чэпчикитиэн. Аны стаада турар сиригэр массыынанан илтилэр. Мин илдьэ сылдьар выставкам таҥастарын кэтэн бардыбыт. Икки «буранынан» табалары үүрэн чугаһатан иһэллэрэ, киһи сатаан ойуулаабат кэрэ көстүү. Бастаан, саҕах эрэ курдук харааран көстөллөр. Онтон, чугаһаан истэхтэринэ, тыыннара бурҕаҥнаан, суолтан бэрт чугас кэлэн, тамайа сүүрэ сылдьаллара, киһи сатаан ойуулаабат сөҕүмэр көстүү, үчүгэйиэн! Өссө чугаһаатынар диэн эбии аһылык куттулар. Онно саба түһэн, табаларбыт астына аһаатылар. Бостууктар стааданы салайан табалар төгүрүччү сүүрэллэр. Манна Лена хаартыскаҕа түһэрдэ уонна видеоҕа уһулла. Хаһан да таба стаадатыгар сылдьан көрбөтөх дьоҥҥо олус үөрүүлээх түгэн буолла.
Ити курдук, көтүөххэ кыната суох буолан, астынан үтүө энергийэ ылан, салгыы айаннаатыбыт.
Александр Васильевич ааһан иһэр массыынаны ыҥыран Усть-Куйгаҕа тиийдибит. Онтон автобуһунан оройуон киинигэр Депутатскайга кэллибит. Манна мин кыыһым Лена Григорьевна Кулачикова олорор, үлэлиир.
Мин билиҥҥи дьарыгым – иис, үлэбин сыаналаан, Норуот маастарын аатын биэрбиттэрэ.
Депутатскайга көрсүһүү тэрийдилэр, библиотека дьиэтигэр. Аҕыйах оҥоһуктарбын илдьэ сылдьабын, онон интэриэстээх, иистэнэр баҕалаах дьоҥҥо сүбэ-ама кэпсээтим, иискэ уопутум кистэлэҥнэрин үөрэттим.
Бу сырыыбыт барыта санаабытым, баҕарбытым курдук буолбутугар, үөрэбин. Махталбын биллэрэбин, баҕабын толорорбор көмөлөспүт дьоммор-сэргэбэр.
Оҕо саастарыгар интернатка олорон үөрэммит улэлэн олорор, киэҥ туттар дьоммор махтал.
Улахантан улахан махтал Барабанскай Александр Васильевичка. Кини дьарыгын, үлэҕэ бэриниилээҕин, дьаһалын, сайаларын сөҕөн, бу санаабын суруйарга быһаарынным. Эһиги үлэҕит-сырыыгыт өссө да ситиһиилээх буоллун. Махталы кытта учууталгыт Ирина Константиновна. Эһиги ситиһиигититтэн үөрэбин.
Хоту, ыраах сытар дойдубут сайда турарын туһугар олорор, үлэлиир дьоммор махтал. Доруобай буолуҥ!
Мин дойдум
Тамайа сүүрэр табалаах,
Таастаах хайа тулалаах,
Тундарам нэлэмэн хонуулаах,
Туохтан даҕаны толлубат,
Тулуурдах хорсун ыччаттаах,
Түүнун киирбэт көмүс күннээх,
Тыынарга сибиэһэй салгыннаах,
Тымныыны үүрэр бурҕалаах,
Тыаллаах-куустаах кыһыннаах,
Таҥараттан талыллыбыт
Талба-мааны хоту дойдум
Төрүт түөлбэм буоллаҕа…
Төһө даҕаны ыраатарбын
Таптыыр эбээт сүрэҕим.
Пахомова Ирина Константиновна (Чөмчүүнэ), Үөрэтэр-иитэр үлэ ветерана, Норуот ойулуур идэтин маастара, Норуот ииһин маастара, Саха сирин культуратын министиэристибэтин бочуот бэлиэтин хаһаайката