Байкалга «Хэгды Эвэды Суглан»
Бу күннэргэ Иркутскай уобаласка Россия эбэҥкилэрин Улахан Сугулаана — «Хэгды Эвэды Суглан» буолан ааста.
Уонунан сыллар усталарыгар ыытыллыбатах бу культурнай тэрээһин, бу сыл от ыйын 29-31 күннэригэр аан бастаан Байкалга ыытыллыыта түбэспиччэ буолбатах. Байкал эбэ күөл тула былыр-былыргыттан тунгус омуктар үөскээн-ууһаан, түөлбэлээн олорбуттара.
Сугулааҥҥа Российскай Федерация уонча субъектарыттан, барыта 400-кэ аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ: эбээннэр, эбэҥкилэр, орочилар, ульчилар, уильтар, нанаецтар, удэгеецтар, негидальцылар кыттыыны ыллылар. Маны сэргэ Кытай, Монголия эбэҥкилэрин кытта телемост нөҥүө сибээс олохтонно. Бу киэҥ хабааннаах культурнай тэрээһин сыалынан-соругунан — тунгус төрүттээх омуктары бииргэ түмүү, ураты култуураларын түмэн харыстааһын буолар.
Сугулаан чэрчитинэн араас тэрээһиннэр, дьыалабыай көрсүһүүлэр, быыстапкалар, аҕыйах ахсааннаах омуктар олохторун-үгэстэрин көрдөрөр, билиһиннэрэр презентациялар буоллулар. Спортивнай күрэхтэһиилэри Саха сирин делегацията тэрийэн ыытта, эбэҥкилии «Сониҥил эвинтын» спорт сэттэ көрүҥэр күрэххэ республикатааҕы спортивнай оонньуулар хас да төгүллээх кыайыылаахтара Айсен Семенов (Өлөөн эбэҥки национальнай оройуона), Георгий Софронов (Эдьигээн эбэҥки национальнай оройуона) тэҥнээхтэрин булбатылар.
«Хэгды Эвэды суглан» түмсүүгэ Сибиир, Уһук Илиҥҥи уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар Ассоциацияларын президенэ, Государственнай Дума депутата Григорий Ледков, Россия норуоттарын дьыалаларыгар Федеральнай агентство бэрэстэбиитэлэ Сергей Тимашков, ону таһынан Иркутскай уобалас Ольховскай оройуонун, Красноярскай кыраай эбэҥки национальнай оройуонун дьаһалталарын баһылыктара кыттыыны ыллылар. Тунгусскай сугулаан кыттыылаахтарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Эҕэрдэ сурук ыытта уонна кини аатыттан саха национальнай иһитин чороону туттардылар.
Сугулааҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин эбэҥкилэрин Бегинэ, филологическай наука доктора Александр Николаевич Варламов салайааччылаах улахан делегация баран кытынна. Ил Түмэн депутата, Арктика уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар дьыалаларынан дьарыктанар бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Христофоровна Голомарева, Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонуттан 9 киһилээх делегация, “Гиркилээн” ансаамбыл үҥкүүһүттэрэ ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.
Дьэлиҥдэ нэһилиэгиттэн төрүттээх Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбыт, бэтэрээннэр Валентина Васильевна Алексеева, Надежда Петровна Степанова Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтин иһинэн үлэлиир “Хэглэн” эбэҥкилии ырыа ансаамбылыгар дьарыктаналлар. Бу түмсүүгэ бара сылдьан араас омуктар иистэнньэҥнэрин быыстапкатыгар сылдьан элбэҕи биллилэр-көрдүлэр, бэйэлэрэ тикпит, оһуордаабыт үлэлэрин дьон көрүүтүгэр быыстапкаҕа туруордулар. “Прикладное творчество и модные аксессуары в стиле этно” номинацияҕа, “Эвэду Дюгу” этно-таҥас көрдөрүүтүгэр Валентина Алексеева 1 истиэпэннээх, Надежда Степанова 2-с истиэпэннээх дипломунан наҕараадаланнылар.
Оройуон дьаһалтатын социальнай политикаҕа салайааччытын солбуйааччы Анжелика Караваева: «Аҕыйах ахсааннаах араас норуоттар культураларын, ырыаларын-үҥкүүлэрин, көрөн үлэбитигэр элбэҕи туһаныахха сөп диэн санаалаах кэллибит. Төрөөбүт тылларынан туох да иҥнигэһэ суох саҥараллара, омуктарын үрдүктүк туталларын ымсыыра да, сөҕө да көрдүбүт. Соторутааҕыттан бэттэх тылларын үөрэтэн саҕалаабыттар эмиэ бааллар, оҕону кыра сааһыттан, оскуолаҕа үөрэттэххэ түргэнник ылынар, дьиэтигэр оҕо хоһугар, куухунаҕа эбэҥкилии тыллары көстөр сиргэ ыйаан оҕобутун үөрэтэн саҕалаабыппыт дииллэр. Биһиги национальнай таҥаспыт дьиҥнээх таба тириитин сарыытыттан тигиллибитэ ордук уһулуччу эбит, мастерицаларбыт тигиилэрин бары да сэҥээрэ көрдүлэр. Эбэҥкилэр Бегиммыт А.Н.Варламов кинигэтин, маны таьынан “Айаана” эбэҥкилии электроннай тылдьыт презентацияларыгар сырыттыбыт» — диэн кэпсээтэ.
Вера Ларионова, «Сардана» (Заря), Өлөөн
https://сарданагазета.рф/article/67016