Хранители древнего амулета Арруу экспедиция
ИЛКЭН. Бу дьыл һааһыгар Аллараа Калыма районугар бэртээк «Хранители древнего амулета Арруу” (аруу – юкагир тыла) диэн ааттаак экспедиция буолла . Онно биһиги каһыаппыт журналистката Ирина Курилова онуга юкагирдар старейшиналарын Советын председателя, ырыаһыт онуга музыкант Макар Курилов.
Проект һүрүн һыала – аудио- онуга видеоматериалы комуйуу, олоктоок коту норуоттартан: чукотскайдыы, эбээннии онуга юкагирдыы.
Проегы оҥорорго АК “Алроса” көмөлөстө.
Макар Семенович Курилов проект туһунан бэйэтин һанаатын үллэстиннэ:
Биһиги проекпыт научнай буолтак, исследовательскай буолтак, гини комуйар үлэлээк, һир үүнээйитин комуйар көрдүк: отону, туундара , тыа отторун онуга улакан кайалартан. Бу сиппит, амтаннаак үүнээйини комуйуу. Того оннугун, эһиги видео- материаллары көрдөккүтүнэ туолкулуоккут. Өссүө тылбынан бэлиэтиэкпин багарабын биһиги роликпыт геройун: “Улакан норуот тыла куччугуй норуот тылын тиэрдэр. Тылы иллэ һылдьар киһи бэйэтэ да билбэтинэн, автоматически һаҥатыгар атын норуот тылын туттар”. Бу этииттэн маннык тэҥнээн көрүү баар буолбута.
Комуйбут материалларбыт биһи порталбытыгар таксыактара. Проект кыттыылаактара эрэбиллээктэр, олоктоок коту норуоттар төрүт тылларын онуга культуураларын карыстыырга, кэлэр поколенияга тиэрдэргэ.
Тылбаастаата Туприна П.И.