Урукку штамп тугу һанатта
Һоторутаагыта «Колыскай правда» редакциятыгар Алексей Кравченко киирэ һырытта. Гини открыткалары онуга конвертары көллөрдө “Севернай полюс” станция бэчээттээк, полярнай станция Четырехстолбовай остров уо.д.а.
Миниэнэ тээтэм Василий Афанасьевич бортрадиһынан үлэлээбитэ . Ли-2, Ил – 14 биирдэ эрэ көппөтөгө полярнай станцияга, дрейфующай станциялар “Северный полюс” буус площадкага үлэлээбитэ. Гини бэчээттээк конвертары эгэлэр этэ. Һоторутаагыта малларбын комуна һылдьан, гинилэри бултум, — кэпсиир Алексей.
Эбэн этиэккэ һөп, советскай кэмнэргэ Арктикага элбэк полярнай станциялар бааллар этэ, гинилэр арыыларга баар этилэрэ, олор истэригэр Нижнеколымскай район территориятыгар. Үлэлээбиттэрэ научнай – исследовательскай дрефующай «Севернай полюс» станциялар. Онно эҥин – эҥин специалистар үлэлээбиттэрэ. Мээр метерологическай, геомагнитнай, геофизическай, гидрологическай исследованиялар бараллара. Станциялары обслуживайдыыр этэ Колымо- Индигирскай колбоһук авиаотряд.
Станцияларга бэчээттээк эбиттэр онуга көрдөккө конверт, открытка СП штемпеллаак эбэтэр полярнай станция элбэк киһи бага һанаата. Бу туок эрэ улакаҥҥа тагайар көрдүк, бэрт ыраага һуок эрээти киһи һатаан тиийбэт.
Ускуолага үөрэнэр эрдэкпинэ, радиокружокка һылдьар этим, ону КИОАО инженера Михаил Филиппов ыытара. Биһи боростуой схема – приемниктары , мультивибратордары пояльниктыырбыт , улакан табаарыстар радиолюбительскай күрэктэһиилэргэ кытталларын көрөр этибит. Радиокружокка мээр ыалланар киһибит бортрадист Иван Иванович Жуков этэ. Һорокко гини кэпсиирэ Коту Муустаак байгал үрдүнэн көппүтүн, “Севернай полюс” станциятыгар.
Буну һанаппыта бу бэчээттэр.
Алексей Курилов. (автор каартыската)
Тылбаастаата Туприна П.И.