Талааннаак эвенскай поэт онуга переводчик Дмитрий Васильевич Кривошапкин — Нимкалан 95 дьыла

Талааннаак эвенскай поэт онуга переводчик Дмитрий Васильевич Кривошапкин — Нимкалан 95 дьыла

ИЛКЭН. Гини күн түһэр 6 күнүгэр 1929 дьыллаака Василий онуга Ульяна Кривошапкиннар эбээн көс олоктооктоок кэргэнигэр төрөөбүтэ. Комолтолоок, кэргэн тээтэтэ олоктон бэрт эрдэ барбыта, оголор куччугуй эрдэктэринэ. Улакан уол Дмитрий уон дьылын туолуутугар, гини иньэтин көмөһүтэ буолбута , куччугуй балтылара онуга бырааттара улааталларыгар.

Дмитрий тулаайак ологу эрдэ билбитэ, онно каһан да комойбот этэ онуга бэрт бэсэлээ буолан олок үстүн кааман испитэ. Гини тыла бэрт баай , бэрт лопкуойдук бэсэлээ шуткалары, һаҥаны төрүт тылынан һаҥарара.

Маҥнайгы коһоонун гини 50-c дьыллар һуруйбута. Ол коһооно «Уямкан» диэн кайа барааныгар анаммыта. Бу коһоонугар бэрт боскуойдук муҥ боскуой онуга күүстээк Верхоянскай кайалар каһаайыннарын оньуулаабыта, ол коһооҥҥо Мария Гоголева мелодия оҥорбута (Колесова кыыс эрдэгинэ). Гини ол ырыаны райоҥҥа буолбут фестивальга , онтон республиканскай таһымҥа кыттан лауреат буолбута. Ырыа талааннак поэт тыллара онуга талааннак ырыаһыт мелодията уһун үйэлээк буолбута. Үгүс толорооччу лауреат буолбута бу ырыаны ыллаан, районнай , республиканскай, всероссийскай таһымнаак онуга дойду таһыгар.

Үгүс айымньыларын Дмитрий Васильевич төрөөбүт һиригэр анаабыта, Сэбээҥҥэ онуга гини айылгатыгар. Эдэр мелодистар гини коһоонноругар аныга диэри боскуой мелодиялары айаллар. Һиэсэ поэт коһооннорун талааннак мелодист Алквиад Степанов һөбүлээбитэ.

Бу ырыалары һүбүлээн толороллор республиканскай конкурстарга, онуга интернетка истиэккэ һөп. Ааспыт дьылга республиканскай “Эхо тундры и тайги” конкурска Тополинайтан һылдьар кыттааччы лауреат буолбута, “Гиаван” диэн ырыаны Алквиад Степанов ырыатын, Дмитрий Кривошапкин тыллырыгар толорон.

Үрдүк кыайыы Дмитрий Васильевич Кривошапкин – Нимкалан онуга эбээн норуотун киэн туттуута буолар эбээн тылынан Платон Алексеевич Ойунскай һака олонкотун «Ньургун Боотур Стремительнайы» тылбаастаабыта буолар. Бу өссүө биир дакаастабыл буолар гини талаанын, гини аан дойдуга көллөрбүтэ төрөөбүт тыла баайын онуга бэрт боскуойдук төрөөбүт тылын онуга һака тылын билэрин. Буну гытта гини П.Ойунскай «Кыһыл ойуун» поэматын тылбаастаабыта, һака поэтын Семен Данилов коһооннорун онуга атын автордары.

Талааннаак поэт – переводчик памята үйэлэргэ каалыага. Тыыннаак эрдэгинэ гинини Һака Һирин Һуруйааччыларын Һоюһун чилиэнинэн ылбыттара, «Заслуженный работник культуры РС(Я)» знагынан, Василий Дмитриевич Лебедев аатынан республиканскай премия лауреата, Кэбээйи районун почетнай гражданина онуга ветеран тыла ВОВ бэлиэ каһаайына буолбута. Бэт һөпкө!

Өссүө биир улакан ологун кэрчигэ, гини илэ төрөөбүт һирин патриота этэ. Гини поселокка маҥнайгы шофер – водитель , 1958 дьыллаакка орого һуок һиргэ маҥнайгытын төрөөбүт поселагар Сэбээн – Күөлгэ массыына ыытан эгэлбитэ. Бу буолан ааспыт күннэр, мин өйбөр бэрт бааллар, ол туһунан кэнники кэпсиэгим.

Биһиги норуоппут бэрт кылыылаан туран онуга гини аатын үйэлэргэ ааттатыа, маҥнайгы поэппыт, талааннаак тылбаасчыппыт, догорбут, бырааппыт. Паһиибалаан туран инники кэлэр киһилэр һаныактара.

 

Зоя Степанова

Тылбаастаата Туприна П.И.